Туйаара Миронова, Элгээйи орто оскуолатын алын кылаас учуутала:
– Балаҕан ыйын 1 күнэ – миэхэ үөрэнээччи да эрдэхпинэ, үлэһит да буолбутум кэннэ – улахан суолталаах күн. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмҥэ – уһун сынньалаҥ кэннэ бииргэ үөрэнэр доҕоттордуун ахтылҕаннаах көрсүһүү. Оттон билигин – уһун уоппуска кэннэ үлэҕэ киирии, үөрэтэр оҕолоргун, кэллиэгэлэргин кытта бииргэ буолуу түгэнэ. Кэргэмминээн оскуолаҕа үлэлиибит, икки кыыспыт – үөрэнээччилэр уонна бу күн – эбээбит төрөөбүт күнэ. Онон, Билии күнэ – биһиги дьиэ кэргэҥҥэ улахан суолталаах бырааһынньык!
Заболоцкай Айсиэн, В.Г. Павлов аатынан Сунтаар алын сүһүөх оскуолатын 4-с кылааһын үөрэнээччитэ:
– Балаҕан ыйын 1 күнэ үөрэх саҕаланар кэмэ. Сайыҥҥы каникул кэнниттэн оскуолаҕа баран доҕотторбун көрсөрбүттэн үөрэбин. Үөрэнэр үчүгэй. Ол эрээри эрдэ турары арыый ыарырҕатабын. Иккис симиэнэ эбиппит буоллар наһаа үчүгэй буолуо этэ (күлэр).
Гуринова Мия, Сунтаар 3 №-дээх оскуолатыгар 1-гы кылааска киириэхтээх:
Оскуолаҕа барарбын наһаа да кэтэстим. Үөрэниэхпин, оскуолаҕа барыахпын баҕарабын. «1 сентябрь» буолара чугаһаабытыттан үөрэбин.
Агния, Дмитрий Александровтар, Сунтаар нэһилиэгин элбэх оҕолоох дьиэ кэргэнэ:
— Һуу, «1 сентября» диэни иһиттибит даҕаны тута канцелярия туһунан толкуй киирэр. Бэйэбит оҕо да сылдьан саамай ити күнү көрсө саҥа таҥас-сап, тэтэрээт атыылаһыытын түбүгэ буолара. Билигин 6 оҕолоох дьиэ кэргэн эмиэ тута толкуйбут итиннэ сытар диэххэ сөп. Уонна оттон саҥа үөрэх дьыла бэйэтэ туспа саҥа олох курдук буоллаҕа. Онон учууталлары, оҕолору үөрэх дьыла үүнэн эрэринэн эҕэрдэлиир буоллахпыт, үөрэхтээх киһи хайа да кэмҥэ наада онон үөрэххит ситиһиилээх буоллун!
Михаил Федоров, бэтэрээн учуутал:
– Мин төһө да бочуоттаах сынньалаҥҥа олордорбун оскуолабын кытта сибээстэһэ турабын. Оҕолор кэлэн дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөһөллөр. Үөрэх дьыла саҕаланнаҕына үлэлээбит кэммин наһаа истиҥник санаан ааһааччыбын. Үөрэнээччилэргэ туһаайан үөрэххитигэр кытаатыҥ диэм этэ.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат.