Байыаннай сулууспалаахтарга анаан сиэккэ оҥордулар

Бүлүүчээн нэһилиэгин олохтоохторо олус көхтөөх, барытыгар биир сомоҕо буолан кыттыһан иһэр үтүө дьон. Бу нэһилиэккэ интэриэстэринэн, дьоҕурдарынан көрөн, араас эриэккэс ааттаах түмсүүлэр үлэлииллэр.

Олортон биирдэстэрэ Вера Герасимова салайааччылаах “Дьол оһуора” диэн түмсүү бу күннэргэ нэһилиэк олохтоохторугар байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар дьоммутугар бэйэбит көмөбүтүн ыытыаҕыҥ диэн ыҥырыы таһааран, анал хаххаланар сиэккэ оҥордулар. Манна нэһилиэк бары олохтоохторо, сайыҥҥы кэмҥэ уоппускаларыгар дьиэлэригэр олорор кэрэ аҥардар, нэһилиэккэ баар түмсүүлэр чилиэннэрэ бары кытыннылар.

Яина Власьева

Читайте дальше