Байыаннай сулууспалаахха үтүө тыллары анаата

Анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбыт уоппускаларыгар сынньана кэллэхтэринэ улуус баһылыга анаан көрсүһэр үтүө үгэстээх.

Ол курдук, бэҕэһээ улууспут баһылыга Анатолий Григорьев анал байыаннай дьайыыттан уоппускатыгар кэлэ сылдьар биир дойдулаахпыт  Афанасийдыын көрүстэ. Баһылык: “Эһиги бары дьоруойдаргыт. Дойдугут эһигинэн киэн туттар. Бары этэҥҥэ эргиллэн кэлэргитин ийэлэргит, кэргэттэргит, оҕолоргут, биир дойдулаахтаргыт күүтэллэр. Кытаатыҥ, уолаттар”, — диэн туран улуус  дьаһалтатын аатыттан байыаннай сулууспалаахха саха быһаҕа, Махтал сурук туттарда.

Афанасий, дойдуҥ ыраас салгына, чугас дьонуҥ истиҥ, сылаас сыһыаннара, кыһамньылара, минньигэс астара эйиэхэ күүс-уох эппин.

Яина ВЛАСЬЕВА

 

Читайте дальше