Байыаннай эйгэ үлэһиттэрэ – саха ыала Аиналаах Анатолий

Биһиги күннээҕи олохпутугар араас дьону кытта алтыһабыт, оттон суруна­лыыс идэлээх киһи хайа даҕаны түгэҥҥэ, ыраах-чугас буоллун, «бу интэриэһинэй эбит» дии санаабытын булан-талан, ааҕааччыга, көрөөччүгэ сырдатар соруктаах.

Саҥа дьыл аҕай иннинэ улууспут үөрэнээччилэрэ Москваҕа конференцияҕа кыттан кэлбиттэрин туһунан сонуну суруйан, сырдатан турабыт. Бу ыраах тыа сириттэн дойду киинигэр тиий­бит оҕолор бэйэлэрин соруктарын таһынан өссө Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтигэр – «Саха волонтердара» хамсааһыҥҥа ыалдьыттаан турардаахтар. Онно кинилэри бэрэстэбиитэл Аина Храмова диэн саха кыыһа үөрэ-көтө көрсүтэлээбитин туһунан, өссө кини Сун­таар буоларын киэн тутта кэп­сээбиттэрэ. Биһиги маннык түгэни мүччү туппакка, тута кини нүөмэрин булан, төлөпүөнүнэн сибээстэһэ сырыттыбыт.

Аина Храмова (Иевлева) Сунтаартан төрүттээх, кэргэнинээн Анатолийдыын иккиэн байыаннай эйгэ үлэһиттэрэ, үс оҕолоох саха мааны дьиэ кэргэнэ, 2017 сылтан Москваҕа олороллор, үлэлииллэр. Онно даҕатан кэпсэтэн билсибиппит Аина «Сунтаар сонуннара» хаһыат урукку кэмҥэ тахса сылдьыбыт «Бэргэн» сыһыарыытын үгүс ааҕааччыта кэтэспит-манаспыт сканвордун оҥорооччу Тылдьыт Дьулҕан (Виссарион Дмитриевич) уонна көрсүө бэйэлээх Марианна Алексеевна  Иевлевтэр кыыстара. Онон биир интэриэһинэй эдэркээн биир дойдулаахпытын соһуччу  булан үөрэн, хайаан даҕаны ааҕааччыларбытыгар билиһиннэрэбит.

Аина Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа дизайнерга үөрэммитэ. Устудьуон кэмнэриттэн кини барыга-бары көхтөөх, уопсастыбаннай үлэттэн саҕалаан, тэрээһиннэргэ оһуохай тылын кытта этэрэ. Кэргэнинээн  устудьуоннуур кэмнэригэр билсибиттэрэ. Аина ааҕааччыларбытыгар бэйэтин дьиэ кэргэнин туһунан кэпсиир:

  Мин 2020 сылтан инженернэй войскаҕа үлэлиибин, кэргэним Анатолий Эдьигээнтэн төрүттээх, үс оҕолоохпут.

Сунтаарга 1 N-дээх орто оскуолаҕа Лилиана Витальевнаҕа үөрэммитим. Оттон алын кылаастарга учууталым Тамара Дмитриевна этэ. Бэйэм идэбинэн графическай дизайнербын уонна хаартыскаҕа түһэрээччибин. Сунтаарга 6-9-с кылааска үөрэнэ сылдьаммын фотошобунан үлүһүйбүтүм. Билигин, этэргэ дылы, сүрүн идэм. С.К. Шойгуга биирдэ анал сакааһынан альбом оҥорбуттаахпын. Ону таһынан мэтээллэри дизайнныыбын. Кэргэним мин бу айар-тутар үлэбин өйүүр буолан үлэм таһаарыылаах диэххэ сөп. Инженернэй войскаҕа сурунаал версткалыыбын. Кэргэним эрэдээктэр, хоһоон суруйар. Офицер, старшай лейтенант. Хомойуох иһин, байыаннай дьайыыга сылдьан бааһырбыта, «Хорсунун иһин», «Суворов», «За боевые отличия» «За воинскую доблесть» I-II истиэпэннээх мэтээллэрдээх. Дьокуускайга олорор эрдэхпитинэ иккиэн «Ситим» медиа-бөлөххө үлэлээбиппит, Толя «Молодежь Якутии» хаһыакка кылаабынай эрэдээктэрдээбитэ. Мин хаартысканан түһэрэринэн умсугуйан туран дьарыктанар буолан, 2015 с. өрөспүүбүлүкэтээҕи Ыччат балыгар аан маҥнайгы быыстапкам тэриллибитэ. Ити тэрээһин киэһэтигэр кэргэним Анатолий «СӨ Ыччат политикатын туйгуна» түөскэ кэтиллэр бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Бастакы оҕобутун Саха сирин биир улахан  Өлүөнэ өрүһүн аатынан Лена диэн сүрэхтээбиппит. Кэргэним туһунан сэһэргиир буоллахха, кини Сахабыт сиригэр байыаннай-патриотическай иитиигэ киллэрсибит кылаата кырата суох. Кини бэйэтин көҕүлээһининэн ити хайысхаҕа үгүс тэрээһини ыытара. Олортон холобурун, «СӨ гражданнарыгар патриотическай иитии концепцията» диэн бырайыага Бырабыыталыстыба таһымыгар бигэргэммитэ, өрөспүүбүлүкэҕэ байыаннай-патриотическай ыччат слета тэриллэригэр үлэлэспитэ, Саха сиригэр юнармия бастакы начальнига этэ.

Улуу Кыайыы бырааһынньыгар бүтүн дьиэ кэргэнинэн Кыһыл болуоссакка Өлбөт үйэлээх полкаҕа кыттааччыбыт. Оҕолорбутун отой кыраларыттан аҕа көлүөнэҕэ ытыктабыллаах сыһыаҥҥа, төрөөбүт дойдуну таптыырга, сыаналыырга үөрэтэбит. Билигин биһиги төһө да подмосковьеҕа олорбуппут иһин Сахабыт сирин кытта ыкса ситимнээхпит, билсэбит. 2019 с. Арассыыйаҕа Инженернэй войска күнүгэр «Юные карбышевцы» диэн хамсааһыны арыйбыппыт.

Саха дьоно-сэргэтэ ханна даҕаны буоллун, сүрдээх түмсүүлээх дии саныыбыт. Биһиги волонтерскай хамсааһыммыт номнуо 1,5 сыла буола охсубут. «Волонтеры Саха» хамсааһыны Туяра Николаевна Константинова, Марфа Иннокентьевна Макарова уонна мин – үһүөн үстүү оҕолоох ийэлэр саҕалаабыппыт. Онтон кыралаан атын дьон истэн эбиллэн испиттэрэ. Билигин дьиэ кэргэннэрбит биһигини кытта тэҥҥэ сылдьаллар, көмөлөһөллөр, оҕолорбутунаан ас астаан госпитальга илдьээччибит. Оттон Светлана Владимировна Диодорова-Лаврентьева кэргэнинээн Владислав Алексеевичтыын биһиэхэ Москваҕа икки төгүл тонналыы кэриэтэ Саха сириттэн ас арааһын аҕалбыттара олус күндү. Маны Саха сирин улуустарыттан, элбэх ыал тугу кыайалларын хомуйан, астарын үллэстибиттэрэ. Кинилэргэ барҕа махтал. Кинилэргэ уонна да атын волонтердарга улахан махталбын тириэрдиэхпин баҕарабын! Биһиэхэ, бу «Саха волонтердарга», аҕам саастаах дьон, устудьуоннар, үөрэнээччилэр, элбэх оҕолоохтор бары бааллар. Хамсааһыммыт 1,5 сыл анараа өттүгэр тэриллиэҕиттэн, ити кэм тухары мин байыаннай дьайыыттан кэлбит элбэх дьону кытта кэпсэттим. Ол түмүгүнэн этиэххэ наада, эчэйии ылан кэлбиттэр санаалара олус диэн түһэр, өй-санаа өттүнэн тостон, самнан сорохтор депрессияҕа киирэллэр. Тоҕо диэтэххэ, кимиэхэ да наадата суох курдук сананаллар, санаарҕыыллар.  Холобур, улаханнык бааһырбыт уолаттар (ким илиитэ, атаҕа суох, ким хараҕа суох…араас түбэлтэ) бу иннинэ наар кэлии-барыы, барыны-бары кыайа-хото тута сылдьы­быт буоллахтарына, билигин балыыһаҕа сытан эмискэ соҕотохсуйал­лар, кимиэхэ даҕаны наадата суох буолан хаалар курдуктар. Ол сытаннар санааҕа ыллараллар, өй-санаа самныбыт дьоно бэйэлэрин ис иһиттэн кэрбээн, санаа-оноо баттыга буолаллар. Буолаары буолан атын куоракка, дойдуларыттан ыраахтар, чугас кимниин да кэпсэтэр дьонноро эмискэ суох буолан өссө уустук. Мин саныахпар, биһиги сүрүн көмөбүт – өй-санаа өттүнэн сүрдээх улахан өйөбүл наада. Госпитальга сытар уолаттарга биһиги Сахабыт сирин этин, куһун астаан, алаадьы­лаан (уо.д.а сахалыы ас) кинилэргэ илдьээччибит. Ону таһынан сакаастаабыт малларын атыылаһан тиксэрэбит. Ол гынан баран, кинилэри кытта сэһэргэһии олох туспа сүдү суолталаах ураты көмө.

Киһи олорорун тухары үтүөнү үгүстүк оҥоруохтаах. Төрөппүттэрим Марианна, Виссарион Иевлевтэр олох кыра эрдэхпиттэн киһи кыһалҕалаах дьоҥҥо ис сүрэҕиттэн көмөлөһүөхтээх диэн өйдөбүлүнэн ииппиттэрэ-такайбыттара.

Билигин бу Москва курдук улахан куоракка сахам дьоно биһиэхэ,  этэргэ дылы, аймахтарбыт курдук. Миигин билбит дьоҥҥо улахан эҕэрдэбин ыытабын. Сунтаарбар, айылҕатыгар, салгыныгар мин билиҥҥи  идэбин буларга көмөлөспүттэр, сөптөөх суолга хайысхалаабытыгар барҕа махталбын тириэрдэбин. Ийэбэр Марианна Алексеевнаҕа уонна аҕабар Виссарион Дмитриевичкэ туспа махталбын тириэрдэбин, эһигинэ суох мин ситиһиим кыра буолуо этэ. Эһиги баар буолаҥҥыт мин толору дьоллоохпун уонна эһигини наһаа таптыыбын. Сунтаарым дьоно дьоллоох буолуҥ, саҥа сылга баҕа санааҕыт, сыалгыт барыта туоллун! Бэйэ-бэйэҕитин харыстааҥ, үтүө, сырдык санаанан салайтаран үгүс үтүөнү үксэтиҥ.

Эдэр ыал 2017 сылтан аан бастаан Анатолий, онтон Аина бэйэтэ РФ Сэбилэниилээх күүстэригэр байыаннай сулууспаҕа киирбиттэрэ. Төһө даҕаны байыаннай эйгэҕэ сылдьыбыттарын иһин айар-тутар эйгэ абылаҥыттан тэйбэттэр. Анатолий номнуо элбэх хоһоонноох. Билигин Аиналаах Анатолий  РФ Сэбилэниилээх күүстэрин байыаннай сулууспалаахтарын информационнай хааччыйыыга тус бырагырамааларынан үөрэтэллэр. Аина хас даҕаны мэтээл ааптара, ол курдук, СӨ биэдэмистибэлэрин наҕараадаларын «Юнармейская медаль им. Ф.Поморцева», «Почетный знак Сердце патриота им. Ф.К.Попова», «100 лет Пост­­­предству Якутии» диэн мэтээллэрин бырайыактаабыта.

Бу курдук дойду тэбэр сүрэҕэр Саха сирин үтүө, амарах санаалаах эдэркээн дьоно, элбэх оҕолоох эдэр ыала Аиналаах, Анатолий бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн айа-тута, үлэлии-хамсыы сыл­­дьалларыттан биһиги, биир дойдулаахтара үөрэбит, киэн туттабыт!

 

Юлия-Айархаана АЛЕКСЕЕВА

Анатолий хоһоонноруттан:

КТО ПОМНИТ И ЖДЕТ

Мы часто не ценим мгновенья

Покоя, тепла, тишины…

Вдали они как наваждение,

Как воздух тогда нам нужны…

И вновь собираясь в дорогу,

Взгляните на близких вокруг.

Взгляните с любовью, не строго,

Средь детских протянутых рук…

Сынок подбежит, улыбнувшись,

И дочка, стесняясь, придет.

А вы, на чужбине проснувшись,

Поймете – и это пройдет…

Пройдут незаметно невзгоды,

И дни, как часы, пролетят,

И кончатся дни непогоды,

И ветры вокруг просвистят…

Однажды вы встанете рядом

У двери той самой, родной.

Проститесь с друзьями, с отрядом,

Напьетесь на миг тишиной…

И дальше, звонок нажимая,

Дыхание свое затая,

Услышите, как подбегает

К двери той вся ваша семья.

Потом – ликование от встречи,

Расспросы гурьбой у стола…

А после обнимет за плечи…

Вас та, кто так долго ждала…

И это придет, это будет!

Всем трудностям наперекор!

Кто помнит и ждет – не забудет,

Пусть встречи момент и не скор…

И память о близких с собою

Он в дальних краях сохранит,

И выйдя живым после боя,

Однажды в звонок позвонит…

Хан, сапер, 03.06.2021 г.

Читайте дальше