Байыаннай дьайыы кыттыылааҕын төрөппүттэригэр оттук мастарын бэлэмнээтилэр

Петр Тимофеев баһылыктаах Дьаархан дьаһалтатын үлэһиттэрэ бу күннэргэ улахан субуотунньук оҥордулар. Ол курдук, кинилэр СВО кыттыылааҕа Андрей Г. төрөппүттэригэр  көмө оҥорон, оттук мастарын бэлэмнээн биэрдилэр. Субуотунньукка уопсайа 20 куб кэриҥэ мас бэлэмнэннэ.

«Олохтоох дьаһалтабыт биһиэхэ кыһамньылаах сыһыаныттан олус үөрэбит. Маннык үтүө санаалаах дьонноох буолан, уолбут байыаннай дьайыыга сылдьар кэмигэр араас хабааннаах көмө кэмиттэн кэмигэр оҥоһуллар», — диэн Андрей дьоно махталлара муҥура суох.

Яина ВЛАСЬЕВА

Читайте дальше