Баһаартан сэрэхтээх буолуу сезонугар Сунтаар улууһун территориятыгар уопсайа 11 баһаар регистрацияламмыт. Ол онтон 7-тэ ликвидацияламмыт. Инньэ гынан күн бүгүн 4 баһаар баара бэлиэтэнэр. Онтон биирэ, 9-с нүөмэрдээҕэ бохсуллан турар (локализацияламмыт). 11-с баһаар үөһэттэн кэтээн көрүү түмүгэр бүгүн көстөн, манна баһаары умуруорар анал бөлөх түһэриллибит. Улуус баһылыгын 1-кы солбуйааччы Николай Александров иһитиннэрэринэн, билигин улахан күүс тэйиччи баар икки ойуур баһаарыгар ууруллар (Түбэй-Дьаархан территорията, 8-с нүөмэрдээх уонна Бордоҥтон 91 км сиргэ баар 10-с нүөмэрдээх). Бу сирдэргэ турбут уот улаатан тарҕамматыгар соруктаах үлэ барар. Бэҕэһээҥҥиттэн ойуур баһаарын умуруорарга дьону мобилизациялааһын саҕаламмыт. Аэромобильнай бөлөхтөр ыраах сир баһаардарыгар барбыттар.
Оттон нэһилиэктэргэ биллибит баһаар буруотун туһунан этэр буоллахха, Роспотребнадзор билиҥҥитэ тыынарга буортулаах эттиктэр кутталлаах таһымҥа тиийэ иликтэр диэн иһитиннэрэр.
Николай Павлович сотору кэминэн баһаардар умуруоруллуохтарыгар, тыал хайысхата уларыйан салгын сайҕанарыгар эрэллээхтэрин этэр. «Олорор сирбит таһыгар уоттан сэрэхтээх буолуоххайыҥ», — диэн ыҥырар.
Марфа ИВАНОВА.