Баһаартан сэрэхтээх буол – АДПИ тэрили туруортар

Сунтаардааҕы баһаарынай сулууспа эппиэттээх үлэһитэ Алена Сухих иһитиннэрэринэн, улууспут 26 нэһилиэгиттэн 24-гэр баһаары эрдэттэн сэрэтэр (АДПИ) тэрили 100 бырыһыан бары холбонон олороллор.

Баһаарынай сулууспа үлэһиттэрэ күн ахсын биирдиилээн ыалга сылдьан уоттан сэрэхтээх буоларга бэсиэдэ, өйдөтөр үлэ ыыталлар. Маны сэргэ АДПИ-ны аахсыйа чэрчитинэн туруоран биэрэллэр. «Маннык тэрил хас биирдии дьиэҕэ баар буолуохтааҕын дьон өйдүүр. Маннык тэриллээх хас да ыал баайа-дуола чөл хаалла, бэйэлэрэ этэҥҥэ туох да эчэйиини ылбакка, олохторо быыһанна. Аахсыйа чэрчитинэн ыаллар биһиэхэ төлөпүөннээн, АДПИ туруортарыахпытын баҕарабыт диэн этэллэр. Туруортарбыт дьон махтаналлар», — диир сулуууспа эппиэттээх үлэһитэ.

Бу аҕыйах хонуктааҕыта Тойбохой нэһилиэгэр баһааарынай сулууспа тустаах үлэһиттэрэ эриэйдэ түмүгүнэн 200-тэн тахса ыалга АДПИ суоҕун бэлиэтээтилэр. Билигин байыастар ойуур баһаардарыгар сылдьаллар, баһаартан сэрэхтээх буолуу сезона бүттэҕинэ бу үлэбитин салгыы ыытар былааннаахпыт диэн этэллэр баһаарынайдар.

Евдокия, чааһынай дьиэ олохтооҕо: «Дьон кэпсиириттэн да, хаһыаттан да ааҕан баһаары эрдэттэн сэрэтэр  тэрили кырдьаҕастарга, кыамматтарга, элбэх оҕолоохторго аахсыйа чэрчитинэн туруоралларын билэммин баһаарынай сулууспаҕа төлөпүөннээн, миэхэ маннык тэрили туруоран биэрэргит буоллар диэн көрдөспүтүм. Ону быһа гыммаккалар, түргэнник кэлэн холбоон биэрдилэр. Кырдьаҕас дьон, умнугаммыт да бэрт, туохпутун эрэ холбоон баран сытан сынньана түһээри утуйан хаалыахпытын сөп. Онон таҥара сэрэҕи таптыыр диэммит оҕонньор биһикки дьиэбитигэр бу тэрили туруортардыбыт».

 

Яина ВЛАСЬЕВА

 

 

Читайте дальше