Куокуну агро хайысхалаах оскуолата сыл аайы хортуосканы, хаппыыстаны, көмүс туораахтааҕы уо.д.а хамаҕатык олордон, үгүс үүнүүнү ылан тэрилтэни уонна нэһилиэнньэни хааччыйар. Сайын устата «Быйаҥ» лааҕыр оҕолоро үүнээйилэри сөпкө харайан үлэлэстилэр.
Бу күннэргэ оскуола үлэһиттэрэ күнү-дьылы баттаһа хомуур үлэтин саҕалаатылар. Ити туһунан оскуола производственнай үөрэхтээһин маастара Максим Павлов бу курдук этэр.
«Быйыл кураан дьыл туран үүнүү былырыыҥҥы дьылы тэҥнээн көрдөххө мөлтөх соҕус. Бу саас Нам улууһун Хамаҕатта нэһилиэгиттэн «Гала» суорт хортуоппуйу аҕалан олордубуппут олус үчүгэй эбит. «Розара» суортааҕар элбэх астаах буолан биэрдэ. Ону таһынан 0,5 га сүбүөкүлэ, моркуоп, 1 га хаппыыста олордуллубуттуттан күн бүгүн 2 туонна хаппыыстаны быһан олоробут, өссө да 15-18 туонна хаппыыстаны ылар былааннаахпыт. Ону тэҥэ оскуолабытыгар 4 атыыр үөрдээх буолан, «көмүс туораахтааҕы» эмиэ ыһабыт. Ол курдук эбиэс 42 рулон уонна 5 туонна от оттонно».
Елизавета ТИТОВА