Саха киһитэ урут-уруккуттан биир саамай таптыыр оонньуута – ат сүүрдүүтэ буолар. Өбүгэлэрбит сыспай сиэллээҕи үҥэр таҥара оҥостоллоро. Саха ата барахсан тулуурунан-дьулуурунан, күүһүнэн-күдэҕинэн, иҥииринэн-ситиитинэн, быһыытынан-майгытынан, сиһинэн-арҕаһынан дьэ дьиҥ-чахчы таҥара бэлэҕэ буоллаҕа эбээт. Ол курдук «Уол оҕо биир күн — ат өрөҕөтүгэр, биир күн — ат уорҕатыгар» диэн бэргэн этии сахаларга мээнэҕэ буотах.
Хаһыат бүгүҥҥү ыалдьыта, Сунтаар аатын ааттатар, улууспут дьоно биир саамай киэн туттар, эрэнэр ат сүүрдээччитэ Валентин Иванов буолар. Кини Уһун Күөл нэһилиэгэр тоҕус оҕолоох Полина Семеновна, Валентин Константинович Ивановтар дьиэ кэргэттэригэр мурун бүөлэринэн төрөөн, күн сирин көрбүтэ. Аҕыйах хонуктааҕыта Ньурба улууһун Кыталыктаах кырдалыгар Марха улууһа (Ньурба оройуона) төрүттэммитэ 200 сылыгар аналлаах «Бүлүү кубога — 2024» быһый атахтаах ат сүүрүүтүн күрэһигэр кыайыы үрдүк ааты ылбытын билэн, төлөпүөн нүөмэрин була охсон, эҕэрдэлии сотору кэпсэтэргэ сананным.
– Валентин, ат сүүрдээччинэн хаһааҥҥыттан саҕалаан дьарыктаммыккыный, бу эйгэҕэ ким эйигин сыһыарбытай?
– Оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэрбэр Уһун-Күөлгэ сүүрүк аттар бааллар этэ, онно кыралаан миинэр буолбутум. Онтон ыһыахтарга сүүрдэн саҕалаабытым. Оскуоланы бүтэрэн баран Дьокуускай куоракка АГАТУ ипподромугар үлэлии кэлбитим. Ат сүүрдээччигэ бииргэ төрөөбүт убайдарым сыһыарбыттара, кинилэр билигин эмиэ ат сүүрдээччинэн, тириэньэринэн үлэлииллэр. Биир убайым Намҥа, биир убайым куоракка үлэлии сылдьаллар.
– Ол аата сылгыга сыһыаннаах дьиэ кэргэҥҥэ улааттаҕыҥ. Үс ини-бии сүүрдээччилэр эбиккит дии. Убайдарыҥ кимнээҕий?
– Оннук, аҕабыт сылгыһыт этэ. Убайдарым Иннокентий уонна Константин Ивановтар. Ат сүүрдүүтүнэн, баайыытынан дьарыктанар, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр, инники күөҥҥэ сылдьар дьон буолаллар. Убайым Костя Ил Дархан бирииһигэр XX үбүлүөйдээх ат сүүрдүүтүгэр Дьокуускайтан Йортен диэн сүүрүк ат 2400 миэтирэни 2 мүнүүтэ 47 сөкүүндэ 65 суотай бириэмэҕэ сүүрэн, кыайыылаах аатын ылан, 2,5 мөлүйүөн солкуобайынан наҕараадаламмыта. Онно үгүс дьон күүппэтэх өттүлэриттэн «соһуччу сенсация» буолбута. Убайым 30-тан тахса сыл устата биир да өрөбүлэ суох идэтигэр бэриниилээхтик үлэлээн кэлбит сырата буоллаҕа. Оттон убайым Киэсэ 2017 с. эмиэ Ил Дархан бирииһигэр Хевенли Стид диэн Намнар аттарынан кыайыылаах тахсыбыта.
– Билигин Дьокуускай куоракка АГАТУ ипподромугар Сунтаар улууһун аттарыгар сүүрдээччинэн үлэлиир эбиккин дии. Ордук чорботор, сүүрдэр аттааххын дуо?
– Саамай сөп. Оттон хас ат баарынан сүүрдэбин, чопчу бу аты чорботобун диэн этэр сыыһа буолуо, барыларын тэҥник көрөбүн.
– Сүүрүк аты көрүү-истии элбэх сыраны-сылбаны эрэйэрэ буолуо. Тириэньэринэн ким сылдьарый ?
– Сунтаар сүүрүк аттарын тириэньэр Сергей Сергеевич Васильев дьарыктыыр. Эмиэ үлэтигэр олус бэриниилээх.
– Аттары улахан сүүрдүүгэ хаһааҥҥыттан саҕалаан, бэлэмнээн бараҕытый?
– Оо, өр буоллаҕа… Сайыннары, кыһыннары кинилэри эрэ кытта бодьуустаһаҕын. Кыһын ипподромҥа хаамтарыыттан саҕалаан эрчиллэллэр. Сүүрдээччи бэйэтигэр, кыраттан саҕалаан улахан күрэхтэргэ кыттабын диэн сыал-сорук туруоран кэбиһэр. Ханнык баҕарар тириэньэр бэйэтэ туспа ньымалардаах, кистэлэҥнээх. Төгүрүк сыл төһө бэлэмнэммитиҥ күрэххэ арылыччы көстөн кэлэр. Улахан сүүрдүү кэнниттэн аккын хайаан да сынньата түһэҕин.
– Дьэ, аны 8 стартан 7 кыайыылаах, быйылгы «Дерби-2024» бирииһин кыайыылааҕа, Сунтаар аатын дорҕоонноохтук ааттатар Партия аты кэпсэтэ түһүөххэ… Хантан кэлбитэй, туох боруодалааҕый?
– Партия саха сиригэр төрөөбүт ыраас хааннаах сүүрүк биэ. Сааһа үһэ. Быйыл 1600 м, 1800 м, 2400 м. сүүрдэ уонна улаханнык быһа эппэппин эрээри, барытыгар кыайыы өрөгөйүн ыла сылдьар. Тириэньэринэн Сергей Васильев сылдьар.
– Биэтэккэ сүүрүүгэ аттар старт массыынаҕа үөрүйэхтэр дуо? Биир эмэ сүүрүүгэ атыҥ соһуйан туора ыстаммыт түгэнэ баар дуо?
– Старт массыынаҕа соҕурууттан кэлбит аттар эрдэттэн бэлэмнээх кэлэллэр. Оттон манна төрөөбүттэри кыраларыттан бэйэбит үөрэтэбит. Туора ыстанар акка түбэһэ иликпин…
– Ол аата мин саныахпар, ат сүүрдээччиттэн олус тутулуктаах буолуо. Ат барахсан арыт киһитээҕэр өйдөөх, тугу барытын сэрэйэр диэн мээнэҕэ эппэттэр. Дьэ, сүүрдээччи хайдах буолуохтааҕый, сүрүнэ туохха сытарый?
– Сүрүнэ — аттан куттаммат буолуохтааххын уонна ыйааһыҥҥын тутуоххун наада. Быраабыла быһыытынан, 57-60 киилэттэн таһаарыа да, түһэриэ да суохтааххын. Мин ыйааһыным кыһын 60-61 кг. буолар, сайын аспын көрүннэхпинэ 58 кг буолбут буолар. Сүүрүү кэмигэр стартан тахсан баран, атыҥ тыынарын, былчыҥнара хайдах үлэлииллэрин, бэл диэтэр тугу саныылларын олох үчүгэйдик билэн иһиэхтээххин, Атын сүүрдээччилэр аттара хайдаҕын көрөн, сонно тута сүүрүү тэтимигэр киирэбин.
– Валентин, хоруйдарыҥ иһин махтал! Эн ат сүүрдээччи быһыытынан Сунтаар улууһун өссө да ааттата, суон сурахтыы тур. Үлэҕэр ситиһиини, тус олоххор дьолу баҕарабын. Ситиһии баар буоларыгар эрэнэбин, өскөтүн эн курдук идэлэрин сөпкө баһылаабыт дьон баар буоллахтарына, диэн кэпсэтиибитин түмүктүүбүт.
Елизавета ТИТОВА