АЛРОСА Арктика историятын үйэтитэргэ хайдах көмөлөһөрө

АЛРОСА Саха сиригэр үгүс социальнай бырайыагы олоххо киллэрэр. Ол иһигэр хоту сир аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоохторун, кинилэр култуураларын уонна үгэстэрин үйэтитиигэ анаммыттар эмиэ бааллар. Холобур, алмаас хампаанньата былырыын РНА СС Гуманитарнай чинчийиилэргэ уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларыгар институту (мантан салгыы – РНА СС ИГИ и ПМНС) кытта сонун үлэҕэ ылсыбыттара.

Ол эбэтэр, институт Саха сиригэр алмаас хостуур, чинчийэр үлэ ыытыллар сирдэригэр уонна онтон чугас баар ытык (сакральнай) сирдэри булаттыыр, үөрэтэр уонна оннук сирдэри докумуоннатар соруктаммыта. Ол чинчийэр үлэ туох түмүгү, интэриэһинэйи көрдөрбүтүн бу матырыйаалга билсиэҕиҥ.

Институт сыала-соруга ытык сирдэри булуу уонна хайдах-туох туруктаахтарын толору дьүһүйүү (описание), докумуоннатыы эрэ буолбатах. Ону таһынан алмаас хостооччуларга анаан оннук сирдэри харыстыыр регламены оҥоруу ньымаларын торумнуур уонна Ытык сирдэри харыстыыр сыалтан АЛРОСА үлэһиттэрэ итинник сирдэргэ үлэлииллэригэр халбаҥнаабакка тутуһуохтаах чопчу быраабылаларын, кинилэргэ анаммыт сүбэлэри таҥан таһаарыахтаах.

«Бу бырайыагы Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттар ассоциациялара көҕүлээбитэ. Ону АЛРОСА салалтата төрүт олохтоох омуктар култуураларын уонна үгэс оҥостубут олохторун укулаатын тутан сылдьаллара тыын суолталааҕын өйдөөн, өйүүргэ быһаарбыта үөрдэр. Бу иннинэ да хампаанньа сакааһынан, хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктар түөлбэлээн олорор сирдэригэр киирсэр АЛРОСА оҥорон таһаарыыта ыытыллар былаһааккаларыгар этнология эспэртиисэлэрин биһиги институппут хаста эмэ ыытан турар. Ону таһынан билимҥэ таһаарыыларбытын хампаанньа үгүстүк үбүлээбитэ», –  диир, устуоруйа билимин дуоктара, РНА СС ИГИ иПМНС дириэктэрэ Сардана Боякова.

Оттон маннык хабааннаах Ытык сирдэри чинчийии – биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ кэнники уонунан сылларга аан бастаан ыытыллыыта. Ол да буоллар, туһааннаах институт учуонайдара этнология эспэртиисэтин оҥоро сылдьан, Ытык сирдэр тустарынан быһа барыллаан иһитиннэриилэри хомуйбуттара баар эбит. Ону таһынан кинилэр эспиэрдэр, кыраайы үөрэтээччилэр, ытык кырдьаҕастар иһитиннэриилэригэр уонна олохтоох дьаһалталарга, түмэллэргэ, архыып докумуоннарыгар, бибилэтиэкэлэргэ, ол иһигэр олохтоох хаһыакка тахсыбыт чахчыларга тирэҕирэллэр. Туһааннаах сир олохтоохторуттан – охотоведтартан, табаһыттартан, аҕа ууһун саастаах дьонуттан – иһитиннэриилэри хомуйан, ону анаалыстаан, ырытан, тэҥнээн көрүүгэ ураты болҕомтону уурбуттар. Ол түмүгүнэн оҥоһуллубут отчуоту учуонайдар бу дьыл балаҕан ыйын 19 күнүгэр туттарбыттар.

«Сүрүн күүһү чопчу миэстэтигэр тиийэн чинчийиигэ уурбуппут. Ол үлэҕэ хас да бөлөх кытынна. Сорох эбийиэккэ хастыыта да сырыттыбыт. Үлэ түмүгүнэн устуоруйа-култуура нэһилиэстибэтин мэҥэ сирдэрин анал реестрин оҥордубут. Ол онно уопсайа 50 эбийиэк киирдэ. Ол иһигэр Өлөөн национальнай нэһилиэгэр – 15, Ботуобуйаҕа – 16, Садыҥҥа – 19 эбийиэк.

Бу Ытык сирдэр тайыыр кыраныыссалара уонна координаттара толору киирэр пааспардарын оҥордубут, ландшабын толору дьүһүйэн (описание) киллэрдибит уонна ону барытын хаартысканан ытаһалаатыбыт. Ону таһынан Ытык сирдэр пааспардарыгар тустаах сир туһунан суруйуу, бэлиэтээһин ханнык литэрэтиирэҕэ, киэҥник иһитиннэрэр сириэстибэлэргэ уонна хаһан тахсыбыттарын киллэрдибит. Ону тэҥэ бу Ытык сиргэ киллэриллибит сиргэ-уокка хампаанньа үлэһиттэрэ туох быраабыланы, сиэри тутуһан сылдьыахтаахтарыгар, ол иһигэр бу эбийиэктэри харыстыырга туох үлэ барара сөптөөҕүн туһунан ыйыы-кэрдии биэрдибит. Ытык сирдэр хоту сир төрүт, аҕыйах ахсааннаах омуктарын өйүгэр-санаатыгар, итэҕэлигэр, күннээҕи олохторугар-тиийэ тутаах уонна сүҥкэн суолталаахтар. Ол иһин оннооҕу олохтоох дьаһалталарга эмиэ бу ытык сирдэргитигэр анал иһитиннэрэр-биллэрэр ис хоһоонноох истиэндэлэри бэлэмнииллэригэр сүбэлээтибит», –  диэн Сардана Боякова кэпсээтэ.

Ураты, хатыламмат булумньулар

Ытык сирдэргэ көстүбүт интэриэһинэй булумньулар тустарынан Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонугар үлэлэспит, туһааннаах институт археологияҕа лабаратыарыйатын билимҥэ ыстаарсай үлэһитэ, устуоруйа билимин дуоктара, Виктор Дьяконов кэпсиир:

 

Биһиги таас үйэтээҕи былыргы дьон тохтоон-аараан ааспыт сирдэрин булбуппут. Онно киһи уҥуоҕа көмүллүбүт сирдэригэр туруоруллубут мэҥэ таастар, түһүлгэлэнэн олорбут уонна сиэр-туом ыыппыт сирдэрин онно, ХХ үйэҕэ диэри кэмҥэ хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар олорон ааспыт олохторун-дьаһахтарын уонна таба иитиитин кытта быһаччы сыһыаннаах хаһаайыстыбаннай тутуулар оннулара баарын бэлиэтээтибит. Хайа хаспахтарыгар сиэр-туом толоруутугар, толук ууруутугар уонна таастан бэлэмнэнэр сэби-сэбиргэли, мастан, уҥуохтан оҥоһуллубут тэриллэри, ону таһынан сэби-сэбиргэли (ону “нуклеустар” дииллэр) оҥосторго туттуллубут таас үлтүркэйдэрин уонна балыктыырга туттуллар уҥуох гарпуну таба тайаммыппыт. Бу сирдэргэ неолит култууратын бэрэстэбиитэллэрэ олорон ааспыттар.

default

Тааска уруһуйдаммыт суруктары (писаницы) буллубут. Олор хас сыллааҕыта баар буолбуттарын быһаарар, чопчулуур үлэ өссө да – иннибитигэр. Баҕар, букатын да аан дойду бүттүүнүн үрдүнэн хоту сиргэ аан бастакы уруһуй эмиэ буолуон сөп. Ол уруһуйга киһи, чуолаан ойуун быһыытыгар-таһаатыгар дьүөрэлиир, антропоморфнай уонна антропо-орнитоморфнай бөгүүрэ көстөр. Түҥ былыргы дьон таас хайа хаспаҕар сир иччитэ олорор, онон сибэтиэй сир диэн саныыллара, хаспах ааныгар чугаһаан, анаан  үҥэр-сүктэр үгэстээхтэрэ. Ол да иһин буоллаҕа, “Таҥаралаах”, “Сэвэки” диэн ааттаабыт буолуохтарын сөп. “Сэвэки” диэн – эбэҥки тыла. Табаһыттары, булчуттары, балыксыттары араҥаччылыыр Үтүө санаалаах иччи, тыын (Дух) диэн тылбаастанар. Бу –  толугу (жертвоприношение) уурар сир буолара.

default

 

Судаарыстыба кэлим реестригэр киирбит Таҥаралаах диэн түҥ былыргы ойуулаах сир (писаница) букатын да атын сиргэ бэлиэтэнэ сылдьара олус соһуччу буолла. Биһиги бөлөхпүт бу ураты, ханна да суох мэҥэ сир чопчу кыраныыссата ханан баарын чопчулаан биэрдэ.

default

Бу иннинээҕи Өлөөн оройуонугар ыытыллыбыт чинчийии ааспыт үйэ 60-70-с сылларыгар буолбут.  Археология мэҥэ таастарын уонна биридимиэттэрин улахан аҥаарын ол оччолорго булбуттар. Ол курдук, биһиги иннинээҕи чинчийээччилэр, институт үлэһиттэрэ, булбут сүҥкэннээх баай кэллиэксийэлэрэ Өлөөн түмэлигэр хараллан сытар. Саха сиригэр эрэ буолбакка, Бүтүн Арассыыйа да таһымыгар неолит эпохатыттан саҕалаан Орто үйэлэргэ диэри кэмтэн хаалбыт 600 артефакка төрүт олохтоох норуоттар култуураларын уонна олохторун-дьаһахтарын көрдөрөр араас элбэх уҥуох, таас уонна тимир биридимиэттэр түмүллүбүттэр. Бу – эталон кэллиэксийэ буолар. Кэллиэксийэ артефактара ханнык баҕарар археология түмэлигэр эбэтэр этнология мусуойугар да чөмчүүк суолталанар кыахтаахтар. Учуонай этэринэн, толук ууруллар сириттэн маннык булумньу көстүбүтэ суоҕун тэҥэ. Онон Виктор Дьяконов кэнэҕэһин да устуоруйа арыйыыта баар буолуон сөбүн сабаҕалыыр. Тоҕо диэтэхххэ, Өлөөн улууһа өрөспүүбүлүкэҕэ муҥутуур киэҥ сиринэн тайыыр, аны суол-иис суоҕун, чиэски сир элбэҕин быһыытынан, оройуон сирэ олоччу чинчийиллэ илигин бэлиэтээн эттэ.

 

Бу үлэ олус суолталааҕа ытык сирдэри эрэ кытта буолбакка, бобуулаах (табуированнай) сирдэргэ эмиэ сыһыаннаах. Холобур, дьон сылдьара бобуулаах, кутталлаах сирдэр ортолоругар уос номоҕор киирбит Олгуйдаах эбэтэр уоспа, сотуун курдук сыстыганнаах ыарыылар туран, олохтоохтор имири эстибит сэрэхтээх сирдэрэ эмиэ бааллар.

Отчуот түмүгүнэн: «Учуонайдар туруоруллубут соругу толору оҥордулар. Туһааннаах сирдэри туһаҕа таһаарыы наадата тириир түгэнигэр кинилэр үлэлэрин түмүгэ этнология эспэртиисэтин ыытыыга туһаныллыахтара. Ону таһынан быраактыкаҕа туһанар гына, ытык сирдэргэ сылдьыы быраабылаларын оҥоруу суолтата улахан», – диэн АЛРОСА Экологияҕа киинин айылҕа сирин-уотун харыстабылыгар уонна хоту сир аҕыйах ахсааннаах омуктарын кыттта үлэҕэ салаатын начаалынньыга Алена Дьяконова санаатын үллэһиннэ.

Кини этэринэн, сокуон эйгэтигэр Ытык сирдэр тустарынан өйдөбүл суоҕуттан сылтаан үөскүүр итэҕэһи толорон, ситэрэн биэриэххэ наада: «Туох хайа-иннинэ бу боппуруос аҕыйах ахсааннаах норуокка таһыччы тыын суолталаах. Бу сир-уот кинилэр төрүт-уус олохсуйан, үөскээн-тэнийэн олорбут сирдэрэ-уоттара буолар, оттон ол сир кинилэр олорон кэлбит олохторун укулаата, култууралара, төрөөбүт төрүт тыллара үйэтийэригэр быһаарар суолталаах».

«Биһиэхэ сокуон наада»

Учуонайдар бу чинчийии түмүгэр олоҕуран, Ытык сир өйдөбүлүн уонна харыстабылын сокуонунан бигэргэтии, чиҥэтии наадатын тоһоҕолоон эттилэр. Арктиканы чинчийии киинин үлэһитэ, Саха сирин Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттарын ассоциациятын вице-бэрэсидьиэнэ Вячеслав Шадрин билигин баар дойду сокуоннарыгар «Ытык» уонна «сибэтиэй» (кэриэстэнэр диэххэ сөбө дуу?) (сакральнай, священнай) сир туһунан өйдөбүл (понятие) суоҕун бэлиэтиир. Арай итиннэ арыый чугас соҕус «бэлиэ сир» (достопримечательные места) эрэ диэн баар. Бу өттүгэр үлэлэһии биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр да саҥардыыта саҕаламмыта. Күн бүгүҥҥү туругунан федеральнай мэҥэ таастар, бэлиэлэр (памятники) реестрдэригэр бүтүн Саха сирин үрдүнэн устуоруйа-култуура нэһилиэстибэтин быһыытынан баара-суоҕа 21 эрэ эбийиэк киирэ сылдьар.

«Өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ытык уонна кэриэстэнэр (сибэтиэй) сирдэр өйдөбүллэрин сокуонунан бигэргэтиэххэ наада. Бу хайысхаҕа биһиги институппут уонна СӨ култуурунай нэһилиэстибэ эбийиэктэрин харыстабылыгар дэпэртээмэнэ норуот дьокутааттарын кытта үлэлэһэ сылдьар. Олохтоох сокуону ылынан баран, бу билигин чопчуламмыт ытык сирдэрбит култуура нэһилиэстибэтин эбийиэгин быһыытынан федеральнай реестргэ киирэллэрин туһугар дойду сокуоннарыгар бэлиэ сирдэр ис хоһооннорун, суолталарын дириҥэтэн биэрэргэ утумнаах үлэ барыахтаах. Оттон билигин биһиги үлэбит түмүгэр чопчуламмыт 50 эбийиэкпититтэн федеральнай реестргэ баара-суоҕа 4 Ытык сир киирэ сылдьар. Балар бары Өлөөн улууһугар бааллар. Оттон Саха сирин Арктикатыгар итинник сир сүүһүнэн ааҕыллар, биһиги онтон быыкаа бырыһыанын хаптыбыт. Ол киэҥ сиринэн тарҕанан, суола-ииһэ суох, кый ыраах сыталларыттан уонна административнай кыраныыссалар ис-тас өттүгэр түбэһэн хаалалларыттан сэдиптэнэр. Онон бу өттүгэр өссө да сүҥкэннээх үлэ, чинчийии барыах тустаах. Биһиги олохтоох дьаһалталар уонна АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүгэр суоттанабыт», – диэтэ Вячеслав Шадрин.

Кини олохтоох тоҥ уустар (тунгусы) билиҥҥи курдук ханнык да кыраныыссаны, хааччаҕы билиммэттэрин, таба мэччирэҥин батыһан, быдан киэҥ сиринэн тэлэһийэн сылдьыбыттарын, олорбуттарын бэлиэтээтэ. Кырдьык, билигин баар аныгы нэһилиэктэр уонна оройуоннар кыраныыссалара кэлин олохтоннохторо. Онон оччотооҕу тустаах оройуон ытык сирдэрэ билиҥҥи улуус сиригэр киирсибэт буолуохтарын эмиэ сөп.

 

Андрей ШИЛОВ  суруйуутун ЛОҺУУРА тылбаастаата.

Читайте дальше