Түргэн сыыдам сырыылаах Валера Дмитриев суоппардаах таксига олорсон көрүөх бэтэрээ өттүгэр Мииринэй куоракка кэлэ оҕустум. Баар-суох ааппын ааттатар, үйэбин уһатар уол сиэним билии- көрүү аартыгын арыйар айхаллаах күнүгэр алгыһынан атаардым. Сиэним барахсан билиилээх, сайдыылаах киһи киһитэ буола улаат!
Бачча кэлбиччэ Мииринэйдээҕи «Мы Вместе» диэн волонтерскай штабка сырыттым. Кинилэр олунньу ыйтан үлэлэрин саҕалаабыттар. Бастаан «Золотые руки Ангела» диэн волонтерскай түмсүү иһинэн үлэлээбиттэр. Онтон туспа баран, гаражка СВОҕа маскировочнай сиэккэлэри өрөн киирэн барбыттар. Сыыйа кэҥээн, элбээн, АЛРОСА дьиэ биэрэн, туһунан барбыттар. Бу үлэлиир сирдэрэ Октябрь 40 сыла уулусса 49 нүөмэрдээх дьиэ иккис мэндиэмэнигэр баар эбит. Сиэккэ өрөр хостон саҕалаан, матырыйаал уурар, кырыйар, сынньанар, аһыыр хостор, иистэнэр сыах, таҥас сууйар сир эмиэ бааллар. Ким хайдах сатанарынан, өрөбүллэригэр, уоппускаларыгар, киэһэ үлэ кэнниттэн кэлэн үлэлииллэр эбит.
Мин сылдьарбар сүрдээх улахан сиэккэлэр өрүллэ тураллар этэ. Сорохтор дьиэлэригэр олороннор ууга, тыалга умуллубат өр умайар испиискэлэри, кааска иһинэн кэтиллэр бэргэһэлэри баайан аҕалаллар. Улахан куорат хамнастаах дьоно аҕалаллара да бойом эбит. Эмиттэн саҕалаан араас аһылыгар, таҥаһыгар, баттыгар тиийэ баар. Иистэнэр сыахха госпитальга сытар эчэйиилээх дьоҥҥо анаан ойоҕосторо липучкалаах ис таҥастары тигэллэрин сэргээтим. Иистэнэр сыахха араас тигэр, бүүрэр массыыналар кэчигирээн тураллар. Ону таһынан футболкалары, мал-сал мөһөөччүктэрин, кыра маллары угар элбэх сиэптээх орон баһыгар баайар маллара аһара туһалаахтар эбит. Ол тикпит малларын барытын сууйан, өтүүктээн бэлэмнииллэр. Мин сылдьарбар уонча анал (именной) баһыылка бараары бэлэм турара.
АЛРОСАлар бэйэлэрин сөмөлүөттэринэн ити баһыылкалары босхо таһаллар диэн улахан махталынан кэпсээтилэр. Сунтаар «Харысхал» уонна Мииринэй «Мы Вместе» түмсүүлэрэ ыкса сибээстээх үлэлээн саҕалаатыбыт. Онно Сунтаар-Мииринэй хайысханан сылдьар таксистар сиэккэлэрбитин, матырыйаалбытын босхо таһан абырыылларыгар улахан махтал. Кэлэр өттүгэр өссө да таһалларыгар эрэл баар. Мииринэйдэр үлэ аһара элбэх буоллаҕына, бэл үрдүгэр хоноллор, хаалаллар үһү.
Балаҕан ыйын 3 күнүгэр иккис Аҕа дойду сэриитин бүппүт күнүн Мииринэйгэ улахан суолта биэрэн бэлиэтииллэр эбит. Бэтэрээннэр, оҕолор, араас түмсүүлэр мустаннар умуллубат уокка сүгүрүйэн туран өйдөбүнньүк чүмэчилэри уматтылар, сибэкки дьөрбөтүн уурдулар, салайааччылар тыл эттилэр, ырыа-үҥкүү буолла. Хата, мин «Мы Вместе» түмсүүлэри кытта ити тэрээһиҥҥэ кыттан үөрдүм.
Уолаттарбытын алгыстаах тыл арчылыы сырыттын диэн «Харысхал» диэн сиэпкэ укта сылдьар кырачаан кинигэбин бэлэх ууннум. Манна даҕатан эттэххэ, бу биир кинигэм сыаната 150 солк. этэ, ону 50 солкуобайын Трофим Иванов салайааччылаах ыччаттар успуонсардаан бэчээттэтэн таһаартардым. Онон уолаттарбар ийэлии махтал.
Сорох дьон штабка тиийэн кэлбэттэр. Онон маҕаһыыннарга бэйэлэрин эмбилиэмэлэрэ бэлиэлээх үтүө санаа дьааһыктарын ууран тирэх оҥостоллор эбит. Өссө итинник эмбилиэмэлээх значоктаахтар, чааскылаахтар. Миэхэ итинник чааскы, значок бэлэхтээннэр сылаас, истиҥ сыһыаннарынан сүрэхпин сылаанньыттылар. Салайааччылар Марина Дробаханан, Саргылаана Николаеванан сирэйдээн «Мы Вместе» түмсүүгэ дойдубут туругурарын, уолаттарбыт этэҥҥэ буолалларын туһугар ахсаабат кыһамньыгытыгар барҕа махтал!
Зинаида ФЕДОТОВА-Дьол Кыыма