А.П. Павлов аатынан Сунтаардааҕы 1 №-дээх орто оскуола «Миллион на развитие» диэн Алмаасэргиэнбаан үбүлүөйдээх сылын көрсө ыытар күрэһигэр кыттан, 4524 куолаһы ылан, II бочуоттаах миэстэҕэ таҕыста.
Ол курдук, оскуола бу күрэскэ «Хорсун» байыаннай-патриотическай бырайыагынан кытынна. Бу күннэргэ дойдуларыгар бэриниилээх дьон бары түмсэн, олохтоох бырайыагы өйөөн куоластаатылар, тыҥааһыннаах, эрийсиилээх киирсии буолла. Күрэс ыытылларыгар куоластааһыҥҥа дьону көҕүлээбит, түмэ тардан элбэх куолаһы ыларга күүс-көмө буолбут биир дойдулаахтарбытыттан биирдэстэрин Жанна Макарованы кытта кэпсэттибит. «Бу күрэскэ сунтаардар бары түмсүүлээхпитин көрдөрдүбүт. Баара-суоҕа 300 куолаһынан хааллыбыт. Икки күн сибээспит сүтэн атахтаабатаҕа буоллар, барсымахтыа этибит. Төлөпүөммэр баар хас биирдии нүөмэргэ куоластааһыҥҥа биирдии дьону булалларыгар бассаабынан көрдөһөн суруйбутум. Онно ким да аккаастаабакка, бары көхтөөхтүк кытынныбыт», — диир Жанна.
Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолатын дириэктэри иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччы Дмитрий Михайлов иһитиннэрэр: «Алмаасэргиэнбаан» АКБ ыыппыт «Миллион на развитие» күрэҕэр Сунтаардааҕы А.П. Павлов аатынан 1 №-дээх орто оскуола «Хорсун» байыаннай-патриотическай киин» бырайыагынан кыттан, 2 миэстэ буолары ситистэ. Ол быһыытынан, 500 тыһ. солкуобайдаах Граны ылар буолла. Бырайыак чэрчитинэн 2023 сылга РФ Успуордун Министиэристибэтэ успуорт көрүҥнэрин ахсааннарыгар киллэрбит дрон-рейсинг уонна лазертаг көрүҥнэринэн оҕолору дьарыктыыр, күрэхтэри ыытары былаанныыллар. Манна даҕатан эттэххэ, бу сылга Казань куоракка ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы «Игры будущего» диэн фиджтал-успуорт араас көрүҥэр Саха сирин «HOTU» хамаандата ситиһиилээхтик кыттан, призер аатын ылбыта. Бу ситиһии саха оҕолоро аныгы олох тэтимигэр бэркэ барсан иһэллэрин, Аан Дойду таһымыгар кыттар кыахтаахтарын көрдөрөр. Онуоха Сунтаарбыт улууһугар бу аныгы успуорт көрүҥнэрин пропагандалыыр, сайыннарар, үүнэр көлүөнэҕэ тарҕатар кыах бэриллибитэ хайҕаллаах суол.
Түгэнинэн туһанан, Сунтаарбыт улууһун дьонугар-сэргэтигэр, тэрилтэ салайааччыларыгар, выпускниктарга, төрөппүттэргэ куоластааһыҥҥа күүс-көмө буолбуттарыгар барҕа махталбытын тириэрдэбит!”.
Алена ИВАНОВА