Аллыҥаҕа улуустааҕы үөрэнээччилэр ортотугар мас тардыһыыга күрэхтэһии буолан ааста. Манна алта нэһилиэк (Аллыҥа, Түбэй-Дьаархан, Сунтаар, Тойбохой, Бордоҥ, Кириэстээх) хамаандата кыттыыны ылла. Эдэр мадьынылар саастарынан көрөн 30, 35, 40, 45, 50, 55 уонна 60-тан үөһэ киилэҕэ күрэхтэстилэр.
Кыайыылаахтарынан 30 киилэҕэ Артем Мекумянов (Кириэстээх), 35 кг Айтал Михайлов (Түбэй Дьаархан), 40 кг Гурий Данилов (Түбэй Дьаархан), 45 кг Айылаан Яковлев (Аллыҥа), 50 кг Костя Егоров (Сунтаар), 55 кг Егор Егоров (Сунтаар), 60 кг Ярослав Степанов (Сунтаар) уонна 60 кг үөһэ ыйааһыннаах уолаттарга кыайыылааҕынан Тойбохойтон Егор Николаев буоллулар.
Күрэхтэһии түмүгүнэн бастыҥ спортсменнарга анал ааттар иҥэрилиннилэр. Ол курдук, «Чаҕылхай киирсии» ааты Эрчим Осипов (Кириэстээх) уонна Айхал Михайлов (Түбэй Дьаархан) ыллылар. «Кыайыыга дьулуурун иһин» — Сандал Осипов (Аллыҥа), «Кэскиллээх мас тардыһааччы» — Костя Григорьев (Түбэй Дьаархан), «Бастыҥ техника иһин» — Костя Егоров (Сунтаар). Ону сэргэ 45 кг диэри уонна 45 кг үөһэ ыйааһыҥҥа хоппут Айылаан Яковлев (Аллыҥа), Тамерлан Михайлов (Кириэстээх) анал аат хаһаайыннарынан буоллулар.
Эдэр мадьынылар киирсэр тиэхиньикэлэрэ үрдүгэ харахха тута быраҕыллар. Кыайбыт уолаттарга өссө үрдүк ситиһиини күрэх тэрийээччилэрэ баҕардылар.
Гаврил АНДРЕЕВ