СӨ култууратын туйгуна, Сунтаар улууһун култууратын бэтэрээнэ, улуус бочуоттаах олохтооҕо талааннаах уус-уран салайааччы Валентина Демьяновна Петрова 1994 сылтан Элгээйитээҕи култуура киинин иһинэн тэрийбит “Алаас” сыана бэтэрээннэрин ансаамбыла быйыл төрүттэммитэ лоп курдук 30 сылын туолар. Ансаамбыл бары чилиэннэрэ ырыа куттаах дьон этилэр. Кинилэр ыччат дьоҥҥо бастыҥ холобур буолан, олох муудараһыгар иитэн-үөрэтэн, үрдүк сыанаҕа тахсан бэйэлэрин туттууларынан-хаптыыларынан, төгүрүк алааска күөрэгэйдэр көҥүлү көөчүктүү туойалларын кэриэтэ ыллаан-туойан дьириһитэн дьоҥҥо-сэргэҕэ өрүү үөрүүнү-көтүүнү, дьолу бэлэхтииллэрэ. “Алаас” ансаамбылга араас көлүөнэ дьоно сылдьан кэллилэр. Ол курдук, Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр тыылга кыайыыны уһансыбыт ытык дьоммут, норуот улуу ырыаһыта, чаҕылхай талаан С.А. Зверев-Кыыл Уола ансаамбылын кыттыылаахтара, Ленин уордьаннаах “Элгээйи” сопхуоска үлэлээбит дьон уонна биэнсийэҕэ, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыт үгүс үтүө дьон сылдьыбыттара. Бу кыракый тэттик кэпсээммин улууһум ытык кырдьаҕастарыгар итиэннэ “Алаас” ансаамбыл тэриллибитэ 30 сылыгар аныыбын.
Алаастар (Кэпсээн)
1994 сыл саас этэ, халлаан лаппа сылыйан, от мас көҕөрөн чыычаах саҥата дьырылаан олороро. Дьон аймах таһырдьа тоҕуоруһа мустан ыраас салгыны ыймахтаан аргыый хаамсаллара. Элгээйитээҕи култуура киинин худруга Валентина Самырова киэһэлик үлэтиттэн бүтэн, дьиэлээн иһэн толкуй бөҕөҕө түстэ. Арааһа, урут иһигэр буһара сылдьыбыт санааларын-оноолорун олоххо киллэрээри, бэлэмнэнии үлэтин ыытаары сырыттаҕа. Ыаллар киэһээҥҥи аһылыктарын аһыы-аһыы үгүһү-элбэҕи сэлэстилэр, тиһэҕэр туһалаах кэпсэтиинэн түмүктэннэ.
Сарсыарда күн чаҕылыччы сандааран тыгыыта Валентина оҥостон үлэтигэр барда. Кулууп үлэтэ күөстүү оргуйар, ким сыанаҕа ыллыыр-туойар, ким буолаары турар Үлэ, Эйэ, Маай бырааһынньыгын сынаарыйын суруйар. Валентина быыс булан кэллиэгэлэрин кытта атах тэпсэн олорон санаатын үллэстээри үлэлиир остуолугар ыҥырталаата. Төгүрүк остуол тула бары мустан олордулар. “Дьүөгэбит, арааһа, улахан көрдөһүүлээх быһыылаах” диэн бииргэ үлэлиир дьоно харахтарын кини диэки хатаатылар. Валентина аргыый санаатын үллэстибитинэн барда. «Култуурабыт киинин иһинэн үлэлиир түмсүү тэрийээри гынабын. Ол курдук, биэнсийэҕэ тахсыбыт нэһилиэк эбээлэрин, эһээлэрин түмэн, тылларын ылыннаран, чэ, ким баҕалааҕы, ол эбэтэр ырыаны-тойугу аргыс оҥостор дьону түмэн ансаамбыл оҥорбут киһи диэммин саныыбын». Онуоха ким да тугу даҕаны саҥарбат, тылларын быһа ыйыстан кэбиспит курдук олороллор. Арай Настаа туран эрэ: «Ээ, хата, бэрт баҕайы идиэйэ дии, наада буоллаҕына бэйэм даҕаны ити түмсүүгэ чилиэнинэн сылдьыам, дьүөгэм санаатын өйүүбүн», – диэн биир-биэс тыла суох сөбүлэстэ. Атыттар истэригэр толкуйга түспүтэ буоланнар, бэйэ-бэйэлэрин хардарыта көрсөн кэбистилэр. Валентина дьүөгэтин санаатын истээт санаатыгар чэпчээбит, наһаа дьолломмукка дылы буолла. Мантан инньэ кини кумааҕыга биллэрии суруйан лааппы аанын иннигэр иилитэлээтэ. Биллэрии ис хоһооно: ааһан эрэр ХХ үйэҕэ олус тоҕоостоох, аҕам саастаах дьон түмсүүтэ, аҥаардас ырыанан эрэ буолбакка, чөл олоҕу тутуһуу, араас тиэмэҕэ аналлаах бэсиэдэ.
Үлэ чааһа түмүктэнэрэ лаппа чугаһаан Валентина хонтуораҕа баһылыкка санаатын үллэстээри барда. Хонтуора иһэ уу чуумпу, түгэх хоско нэһилиэк аҕа баһылыга Миронов Александр Николаевич сайыҥҥы үлэтин былаанын бэлэмнии олороро. Түгэхтэн аан тыастаахтык сабылынна. Валентина оргууй аҕай сэгэйэн турар ааны одуулаата, баһылык үлэлиир хоһугар киирэн остуол төбөтүгэр ууруллубут олоппоһу ылан олорунан кэбистэ. Баһылык киирбит киһи сирэйин утары көрөөт даҕаны иһигэр тута тугу эрэ сэрэйбиккэ дылы буолла. Онуоха Валентина: «Дорообо! Дьэ улахан көрдөһүүлээх тиийэн кэллим уонна бу ытык түөлбэҕэ кийиит буолан кэлиэхпиттэн ыла испэр буһара сылдьыбыт сонун идиэйэбин олоххо киллэрээри, нэһилиэгим туһа диэн тус бэйэм сэмэй кылааппын киллэрэрбин, бука диэн өйөө. Онуоха биирэ: «Бай!» – диэн саҥа аллайда. Валентина тута: «Биэнсийэҕэ тахсыбыт аҕам саастаах дьону түмэн түмсүү тэрийээри гынабын. Ол түмсүүм сыала-соруга диэн субу курдук, биир кэлэктиипкэ киирии, чөл олоҕу тутуһуу, ырыа-тойук эйгэтигэр угуйуу», – диэтэ. Александр Николаевич истибэтэҕин истэн элбэх тыла суох тута өйүүргэ быһаарынна: «Чэ бэрт, маннык түмсүүнү салайан үлэлэтэриҥ билиҥҥи кэмҥэ олус тоҕоостоох уонна интэриэһинэй». Валентина истээт даҕаны атаҕа сири билбэт буолуор диэри үөрдэ, устуултан тураат аҕа баһылыкка сэмэйдик махтанан, ааны оргууй аҕай сабан дьиэтин диэки барда. Лаппа киэһэрэн сааскы салгын сылааһынан илгийэрэ. Үлэ үгэнэ түмүктэнэн, өрөбүл чугаһаан олохтоохтор лааппы аанын саппаттар. Илин диэкиттэн куурбут хара суол устун икки дьүөгэлии эмээхситтэр илии-илиилэриттэн тутуһан күннээҕи сонуннарын кэпсэтэн оргууй аҕай хаамсаллар. Арай ыраахтан лааппы аанын ортотугар үрүҥ оһуор курдук киэркэйэн-симэнэн турар түөрт муннук кумааҕы ыйаммыта Маайа эмээхсин хараҕар тута быраҕылынна. Сибиэһэй сонуннаах биллэриигэ ким хараҕа быраҕыллыбат буолуоҕай. Оттон Өлүөнэ уонна Маайа эмээхсин биллэриини көрөн ааҕаат даҕаны тута сэҥээрдилэр, үөлээннээхтэригэр үөрүүлээх сонуннарын харса суох ыһа-тоҕо кэпсээтилэр.
Субуота – дьон аймах саамай кэтэһэр ытык күнэ үүннэ. Валентина сарсыарда эрдэ тураат субуота күнүн бэрт үөрүүнэн эҕэрдэлии көрүстэ. Сарсыардааҥҥы чэйин сыпсырыйан иһэ олорон, тыла суох эрээри элбэҕи кэпсиир араадьыйа аргыһын эт кулгааҕынан иһиллии олордо. Киниэхэ бу күн үлэ кэмэ буолбатах эрээри, дьиэ-уот күннээҕи түбүгэ ханна барыай. Ол эрээри бу күҥҥэ быыс булан былааннаммытын курдук кулуубун тэрилтэтигэр сэлиэнньэ аҕам саастаах дьонун түмэр күнэ. Лаппа күн ортото буолан Валентина кулуубугар тиэтэллээхтик оҥостон барда. Саалаҕа Настаа дьүөгэтэ ким-хайа иннинэ долгуйа күүтэн олорор эбит. Онуоха Валентина: «Бүгүн тус олохпор олус үөрүүлээх, этэргэ дылы, дьылҕам түстэммит сирэ – Туойдаах алаас туоната – Элгээйигэ тиксиһиннэрбитигэр махталым муҥура суох», – диэн кэпсии олордо. Ыраахтан түгэх боруок аана эмискэ тыастаахтык аһылынна, оҕонньоттор-эмээхситтэр уҥа диэки турар киэҥ хоһу былдьастылар. «Ыарахан күүстээх үлэни-хамнаһы өрө туппут ытык мааны дьонум дорооболоруҥ», – диэн уус-уран салайааччы аатын сүгээри турар Валентина сэмэйдик мичээрдээн эҕэрдэлии көрүстэ. Кулуупка күүтүүлээх кэрэ киэһэ тосхойбутунан салайааччы түмсүүтүн сыалын-соругун хас биирдии киһи эт кулгааҕар, ис сүрэҕэр иҥэр гына тиийимтиэтик сиһилии кичэллээхтик кэпсээтэ. «Үксүгүт сэрии ыар кэмин эккитинэн-хааҥҥытынан билбит, эйэлээх олоҕу уһансыбыт, баччаҕа диэри оҕону-урууну тэнитэн, ыччат дьон оҥорон олох киэҥ аартыгар атаардаххыт. Билигин бу түмсүүбэр киирдэххитинэ эһиги талааҥҥытын уһугуннарыам, ким тарбаҕар дьоҕурдаах ол иискэ угуйуо, араас туһалаах тиэмэҕэ бэсиэдэ ааҕыаххыт уонна, биллэн турар, ырыа кэрэ эйгэтигэр дьарыктыам, бары биир сомоҕо буолабыт» – диэн буолла. Саала иһигэр мустубут дьон бары сэргэхсийбит көрүҥнэннилэр уонна бачча чаҕылхай этиини истээт бары тута “сөп” дэстилэр. Валентина сыалын сиппит киһи быһыытынан аны Настаалыын аат ылынарга тохтоотулар. Онуоха кимиэхэ даҕаны сөптөөх, барсар уопсай аат төбөлөрүгэр күлүм гынан ааспат. Арай норуот учуутала Егор Михайлович Николаев: «Миэхэ нэһилиэк ытыктанар учуутала, суруйааччыта бары диэн билэр киһибит Иван Герасимович Иванов-Уйбаан Нуолур “Туойдаах Алаас” диэн икки тылтан Алааһын хааллараҥҥыт “Алаастар” диэн ааттанаргытын эрдэ илдьиттээбитэ. Ансаамбыл чилиэннэрэ бары «сык» гына түстүлэр. Онуоха Валентина “Алаас” диэни истээт сэмээр ис-иһиттэн ылынна уонна оннук ааты ылынарга бука бары сөбүлэстилэр. Ытык өбүгэлэрбит төгүрүк алааска уутуйан олордохторо. “Алгыстаахай санаалаах, амарахчай дууһалаах, алаадьы сыттаах ансаамбыл далбар хотуттара саха алааһын курдук өрүү кэрэ, сахалыы тыыннаах эйгэҕэ уһаарыллан ыччакка бастыҥ холобур буолуохтара”, – диэн олохтоохтор бигэтик өйөөтүлэр.
Артем ОСИПОВ