Биһиги – Үс Күндэйэ олохтоохторо – сахаларга биллиилээх алгысчыт Алгыстаах Өлөксөөндүр-Саввинов Александр Васильевич бырааттара Саввинов Леонид Васильевич, Саввинов Василий Васильевич уонна мин Семенов Петр Петрович буоламмыт 2021 с., сир ийэ ситэн, силигилээн турар кэмигэр алгысчыт Саввинов Александр Васильевич көҕүлээһининэн, Күндэйэ Үс ытык эбэҕэ анаан-минээн алгыс түһэрэ киирбиппит. Сыалбыт-сорукпут – былыр уулара муҥутаан турбуттарын саҕана дьэс, көмүс курдук бөдөҥ соболооҕунан аатырбыт эбэлэр кэлиҥҥи кэмҥэ уулара тардан, балыга эстибэтэҕэ эрээри, собото ыран, сорох собото иһэ үөннэнэн бултаммат буолбута.
Билигин даҕаны эбэ соҕуруу, хоту хомолоро дьэс соболоох, көмүс соболоох диэн ааттаналлар.
Ону балыга көнөөрөй, тупсаарай диэммит, сахалар төрүттэрбит – Байкал күөл эҥэрин олохтоохторо – Улуу күөллэригэр, сирдэригэр, дойдуларыгар ыам үүтүнэн, айах тутан аһатар үгэстэринэн, тэлэбиисэргэ көрөн, истэн биһиги эмиэ төрүттэрбит үгэстэринэн – үс “роса” бытыыккатыгар ыаммытынан үүтү илдьэ киирэн, итэҕэл үйэтэ эргийбитинэн, төрдүөн баҕабытын, санаабытын холбоон туран, кырдьаҕастара мин Семенов П.П. итэҕэли, эппиэти сүгэн Алгыс тыллара этилиннэ:
– Былыр былыргыттан саха омук дьоно Күндэйэ тардыытын сыһыыларыгар, алаастарыгар уутуйан олорбуттарын саҕаттан Ытык эбэлэр өлгөм үүнүүлэринэн аһатан-сиэтэн, сылгы, ынах ииттэн, күөллэриттэн балыктаан, тоҕуоруһа мустар көтөр кынаттаахтарыттан, эргэнэ хара тыатыттан бултаан-алтаан, ол уйгутугар-быйаҥар иитиллэн олорон, кэлиҥҥи кэмҥэ тыһыынчанан киһи олохсуйан, оччо сүөһү иитиллибит Ытык Дойдутугар – Үс Күндэйэ уйгута-быйаҥа аны даҕаны үүнэ-үөскүү турдун диэн. Аан Дойду иччитэ Аан Алахчын Хотунтан, Эргэнэ Хара Тыа Баһылыга Баай Байанайтан, Дириҥ Далай иччитэ Күөх Боллох кырдьаҕастан, Сир Ийэ иччилэриттэн көрдөһөн, ааттаһан Алгыс анаан амалыйан, эбэлэргэ булда-алда тупса-торолуйа, өлгөм үүнүүтэ үллэ турдун диэн көрдөһөн, ааттаһан туран, Үс Күндэйэ ытык эбэлэригэр биирдии “роса” бытыылка ыаммытынан ынах үүтүнэн айах туттубут.
Ол түмүгэр үүнүүтэ даҕаны өлгөм буолбута. 2022 сылтан икки уулаах күөлбүт балыктара тупсан, торолуйан 4,5-5 см-даах илимнэргэ өлгөмнүк тутан, хоргуннана буһар соболонон, олохтоохтор үөрэ-көтө тииһинэр буоллубут.
Атын балыктаах күөллэрдээх нэһилиэктэр сиэри-туому тутуһан, биһиги курдук эбэлэргитин алгыстаан айах тутан боруобалыыргытыгар сүбэлиибин.
Петр Семенов, алгысчыт, нэһилиэк бэтэрээнэ.
Күндэйэ, 2024 с.