Алексей Соколов: “Сыал-сорук туруорунуохха, ону ситиһэргэ дьулуһуохха”

Успуордунан дьарыктаныы, эти-сиини көрүнүү, кэлиҥҥи кэмҥэ киэҥник тарҕанна диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Киһи эт-хаан өттүнэн сайдарыгар, тулуурдаах, киэҥ көҕүстээх, кыраттан чаҕыйбат буоларыгар, күүстээх санаалаах, инникигэ сыал-сорук туруорунарга, ситиһиллиэхтээҕи дьаныардаахтык толорорго, өй-санаа, уйулҕа, майгы-сигили уһаарыллан тахсарыгар дьайарын, бары бэркэ диэн билэбит.
Бу маннык, успуордунан оҕо эрдэҕиттэн дьаныардаахтык дьарыктанар, быйыл сайын буолбут Туймаада ыһыаҕын биир саамай дьон болҕомтотун тардар “Дыгын оонньууларын” күрэҕин кыттыылааҕа. Сунтаардар, үксүбүт даҕаны, кини кыттарын истэн сүргэбит көтөҕүллэн, бу күрэҕи икки күн көтүппэккэ, биир дойдулаахпытыгар “ыалдьан” долгуйа көрбүттээхпит. Бүгүҥҥү биһиги ыалдьыппыт – Алексей Соколов.

– Алексей, бэйэҥ тускунан сэһэргии түһүөҥ дуо?

Бэйэм туспунан кэпсээтэххэ, Маар Күөл нэһилиэгэр 2003 сыллаахха от ыйын 22 күнүгэр төрөөбүтүм, онно улаатан, оскуоланы бүтэрбитим. Ийэм Соколова Мария Андреевна Маар-Күөл орто оскуолатын математика, физика учуутала, аҕам Соколов Петр Кулагинович хаһаайыстыба көрөр. Бииргэ төрөөбүттэр үспүт, эдьиийим Айыына уонна убайым Андрей, үөрэхтэрин бүтэрэн үлэһит дьон. Билигин Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет 3-с кууруһун горнай институтун устудьуонабын.

– Успуорт эйгэтигэр хас сааскыттан уһуйуллубуккунуй?

Мин успуордунан 3-с кылаастан саҕалаан дьарыктанабын. Бастаан остуол оонньуутуттан саҕалаабытым: хабылык, хаамыска. Ол кэннэ 8-с кылааска диэри тенниһинэн дьарыктаммытым. Онтон 9-с кылаастан саҕалаан национальнай многоборьенан дьарыктанабын. Бастакы улахан курэхтэһиим өрөспүүбүлүкэҕэ хабылык, хаамыска күрэҕэр кыттыым буолар. Онно хаамыскаҕа үһүс миэстэ буолбутум. Бастакы тириэньэрим Маар Күөл оскуолатын физкультураҕа учуутала Петров Анатолий Егорович. Кини миигин кыра эрдэхпиттэн дьарыктаан таһаарбыта, билигин даҕаны киниттэн элбэх сүбэни-аманы ылабын.

– Улахан ситиһиилэргин кэпсиэҥ дуо?

Улахан кыайыым 2021с. «Манчаары оонньуутугар»  оҕолорго национальнай многоборьеҕа 1-кы миэстэни ылыым буолар. Уонна быйыл кулун тутарга буолбут улахан дьоҥҥо өрөспүүбүлүкэтээҕи многоборьеҕа күрэскэ 70 ыйааһыҥҥа диэри 1-кы миэстэни ыламмын, маастар нуорматын толорбутум.

«Дыгын оонньууларыгар» кыттыыгын сырдата түс эрэ.

Миэхэ быйылгы 2023 сыллаах «Дыгын ооньууларыгар» кыттыым соһуччу этэ. Ол эрэн эрдэттэн саппааска баар этим, икки нэдиэлэ хаалбытын кэннэ кыттыбаппын диэн саныы сылдьыбытым. Онтон Оонньуу буолара биир күн хаалбытын кэннэ Иван Белолюбскай сарсыарда төлөпүөннээн кыттарбын эппитэ. Аан бастаан соһуйбутум уонна бүтэһигэр диэри итэҕэйбэтэҕим. Дьонум эмиэ соһуйбуттара. Ийэбэр “барабын” диэбиппэр сөп диэн такси була охсубута, оннук тиийэн баар кыахпынан кыттыбытым. Саамай ыарырҕаппытым сүүрүү этэ… ыараханнык сүүрбүтүм. Күрэххэ кыттааччылары эрдэттэн билэттиир этим. Бииргэ күрэхтэһэн тахсыбыт саастыылааҕым Артем Дьяконов эҥин бааллара. Эһиилги оонньууга эмиэ кыттар былааннаахпын. Сүрүнэ сүүмэрдээһини этэҥҥэ ааһыахха наада. Билигин эрчиллии утумнаахтык бара турар, нэдиэлэҕэ 6-та дьарыктана сылдьабын.

– Күрэх иннинэ төһө долгуйаҕын?

Хайа баҕарар күрэх иннинэ долгуйуу баар. Нэдиэлэ хаалбытын кэннэ долгуйабын, онтон буолара чугаһаатаҕына сааһыланан хомуллабын.

– Успуорт күрэстэригэр кыттаргар өйөбүл буолар дьону кимнээҕи ааттыаҥ этэй?

Миэхэ төрөппүттэрим, биир дойдулаахтарым, табаарыстарым, улууһум күүс-көмө, өйөбүл буолаллар.

– Иллэҥ кэмҥэр тугу дьарыктанаҕын?

Саха киһитэ буоларым быһыытынан, бултуурбун, айылҕаҕа сылдьарбын сөбүлүүбүн.

– Инники былааннарыҥ?

Бастатан туран, үөрэхпин этэҥҥэ бүтэриэм, салгыы успуордунан утумнаахтык дьарыктаныам.

– Успуорт эйгэтигэр саҥа дьарыктанан эрэр дьоҥҥо тугу сүбэлиэҥ этэй?

Сүрүнэ, сыал-сорук туруорунуохха наада уонна ону ситиһэргэ улахан баҕа санаа баар буолуохтаах дии саныыбын. Ону таһынан, сыалгын ситиһэргэр диссипилиинэ уонна ситимнээх дьарык ирдэнэр.

– Хаһыат ааҕааччыларыгар баҕа санааҥ?

Кылаабынайа доруобай буолуҥ, успуордунан дьарыктаныҥ.

– Кэпсээниҥ иһин махтанабын, бары үтүөнү, ситиһии кынаттаах, кыайыы көтөллөөх сылдьаргар баҕарабын.

 

Алена ИВАНОВА

 

Читайте дальше