Сэтинньи 14-15 күннэригэр Дьокуускай куоракка СӨ успуорт национальнай көрүҥнэригэр бастыыр иһин эдэрдэргэ күрэхтэһии ыытылынна. Манна 21 саастарыгар диэри 20 спортсмен кытынна. Ол иһигэр 5-һэ кыыс.
Икки күннээх күрэхтэһии түмүгүнэн биһиги уолбут, Маар Күөлтэн төрүттээх Алексей Соколов чөмпүйүөн үрдүк аатын ылла. Ол курдук, кини тутум эргииргэ — бастакы, 400 м сүүрүүгэ – иккис, мас тардыһыытыгар, оҕунан ытыыга – үһүс, үс төгүл үскэ, таас көтөҕүүтүгэр — төрдүс, хапсаҕайга бэһис миэстэлэргэ тахсан, уопсайа 22 очукуоланан бастаатаа.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат