Кулун тутар 29 күнүгэр талааннаах ырыа толорооччу, СӨ култууратын туйгуна, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр ураты суоллаах-иистээх “Дуораан” ырыа ансаамбылын салайааччыта, улууска уостан түспэт саха ырыалара ылланан сайда турар кэскилигэр олук уурсубут дьоннортон биирдэстэрэ, Тойбохойдооҕу Клара Степановна уонна Александр Васильевич Тихоновтар ааттарынан «Кыталык» култуура киинигэр өр сылларга уус-уран салайааччынан таһаарыылаахтык үлэлээбит – ырыа куттаах Александра Егоровна Титова төрөөбүтэ 65 сылыгар аналлаах “Ыллыы сылдьыах” диэн ырыа аргыстаах дьоммутугар улуустааҕы ырыа күрэһэ тэриллэн ааста.
Уһун тымныы ыйдардаах дойдуга төрөөбүт-олохсуйбут буоламмыт сахалар ис иэйиибитин таспытыгар улаханнык таһаарбат норуот быһыытынан биллэбит. Ол эрэн, санаабыт көнньүөрдэҕинэ, сүргэбит көтөҕүлүннэҕинэ, кэрэни кэрэхсээтэхпитинэ кигинэйэн ыллыыр идэлээхпит. Дэлэҕэ этиэхтэрэ үһү дуо: “Саха атын мииннэ эрэ — ырыаһыт, оһоҕун иннигэр олордо да – олоҥхоһут”, диэн… Ити курдук, бэйэтин өйдүүр буолуоҕуттан өрүү уоһун иһигэр киҥинэйэн ыллыы сылдьар, эдэркээн сааһыттан чуор куоластаах ырыаһытынан биллибит Александра Титова бу дьыл тохсунньы ый 13 күнүгэр баара буоллар 65 сааһын туолуохтаах этэ. Кини бу күн сириттэн барбыта номнуо биир сыла буолла… Бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрэ, ырыа, муусука аргыстаах чугастык алтыспыт доҕотторо бу кубулҕаттаах кулун тутар ый бүтүүтэ — кини ыллаан хаалларбыт ылбаҕай ырыалара, кэрэ куолаһа сүппэтиннэр диэн үтүө тылынан ахтан-санаан ааһаары “Ыллыы сылдьыах” диэн бэртээхэй бырайыагы толкуйдаан улуустааҕы ырыа күрэһин тэрийэн ыыттылар.
Александра Егоровна Титова Тойбохой нэһилиэгэр элбэх оҕолоох Кисиэнньэ, Дьөгүөр Максимовтарга үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Сэттэ саастааҕар Тойбохой аҕыс кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Ийэлээх аҕатыгар күүс-көмө буолаары ахсыс кылааһы бүтэрээт орто анал үөрэххэ үөрэммитэ, Мииринэйдээҕи обогатительнай фабрикаҕа үлэтин саҕалаабыта. Үлэлии сылдьан фабрикатын аатыттан самодеятельноска кыттан нууччалыы, сахалыы ырыалары ыллаан дьон кутун туппута. Онно олоҕун аргыһын Сэмэн Титову көрсөн, ыал буолан төрөөбүт дойдутугар кэлэн олохсуйбута. Тойбохойго кэлэн «Сардаана» детсадка 20 сыл устата минньигэс астаах поварынан, оҕо дьиэтигэр иитээччи көмөлөһөөччүтүнэн, онтон, 2011 сылтан Тойбохойдооҕу «Кыталык» култуура киинигэр уус-уран салайааччынан олус таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ол сылдьан «Дуораан» ырыа ансаамбылын тэрийбитэ. Үлэлии сылдьан култуура коллеһын кэтэхтэн үөрэнэн 2016 сыллаахха кулууп үлэтин тэрийээччи диэн идэни ылбыта. 2015 сылтан саҕалаан ордук уол оҕолору бэйэтигэр тардан литературнай композиция туруоран, ырыа ыллатан драматическай кружок тэрийэн «Манна эмиэ сэрии этэ», «Ньургуһун уонна Лоокуут», «Хара сурук», «Наара Суох» испэктээктэри, олоҥхолору туруорбута. Александра Егоровна 10 сыл устата үлэлэппит «Дуораан» ансаамбылын Кытайга, Санкт-Петербурга аан дойду таһымнаах ырыа күрэҕэр кытыннарбыта. Сунтаар нэһилиэктэригэр, Нюрбаҕа, Бүлүүгэ, Дьокуускайга ыһыахтарга күүтүүлээх күндү ыалдьыт буолан ырыанан эҕэрдэлээбиттэрэ.
Саха композитордарын, мелодистарын биллэр айымньылара, кинилэр иэйиилээх ырыалара саха норуотун уоһуттан түспэккэ күннэтэ ыллана турдуннар диэн, дьоҕурдаах дьону бэйэтин тула түмэн, Александра Титова сыралаах үлэни өр кэмнэргэ кэскиллээхтик ыыппыта. Александра Егоровнаҕа уран куттаах, айар талааннаах саха дьахтарын сатабыла, талаана-дьоҕура барыта баара. Ол курдук, минньигэс дэлэй астаах, уран тарбахтаах иистэнньэҥ, элбэх оҕо, сиэн күн-күбэй тапталлаах ийэтэ, эйэҕэс эбээтэ, айылҕаҕа чугас буолан эмтээх үүнээйилэри хомуйар, төрүт култуураны өрө тутар, ырыа куттаах буолан кыра сааһыттан сыанаттан түспэт этэ. Ол да иһин кини баянынан, норуот үнүстүрүмүөннэригэр доҕуһуоллатан ыллыыра.
Аан бастаан ыытыллар “Ыллыы сылдьыах” улуустааҕы ырыа күрэһэ бэрткэ табыллан тэрилиннэ. Икки түһүмэҕинэн барыта 24 кыттааччы, ол иһигэр 6 оҕо, 13 кэрэ аҥардар уонна 5 эр киһи күөн күрэһи аастылар. Киэһэ 17 чаастан кыайыылаахтары быһаарар түмүк кэнсиэр буолла.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, композитор Владимир Ксенофонтов «Ыһыах” сиютатын бастакы чааһыттан “Чороонноох үҥкүү” айымньытын норуот үнүстүрүмүөннэрин бөлөҕө (салайааччы СӨ үөрэҕириитин уонна култууратын туйгуна Иван Иванов) оонньоон Гала-кэнсиэр саҕаланна. Үс айымньыны толорон бөлөх дьон сэҥээриитин ылыан ыллылар.
«Сахалыы тыыннаах ырыалар, үҥкүүлэр, дьоһуннаах тэрээһиннэр сахалыы үнүстүрүмүөннэринэн доҕуһуолланыахтаахтар” диэн Сэргэй Сибиэрэп этиниитин кытта сөпсөһөр санаам бу күн өссө күүһүрдэ. Чахчыта, кырыымпа тохтор кылыһаҕа тэрээһин сүрүннүүр тыынынан буолуохтаах эбит. Мусукаалынай идэтийбит үөрэҕэ суох доҕуһуолдьуттар хайдахтаах курдук дьоһуннаахтык туттан бу норуот үнүстүрүмүөннэригэр оонньуулларын, оттон ырыаһыт Наталья Еремисова аркыастыр доҕуһуолунан саха хампаһыытарын биллэр ырыатын толорорун көрөн киһи астынар түһүлгэтэ олохтонно. Норуот үнүстүрүмүөннэрин бөлөҕүн салайааччыта Иван Степанович Иванов өр кэмҥэ күүскэ туруулаһан дьарыктанар сыралаах үлэтин түмүгэ ити буоллаҕа…
Быыһыгар Александра Титова айымньылаах олоҕуттан быһа тардан көрөөччүлэргэ видео-устуу көһүннэ. Итинтэн сиэттэрэн, күрэскэ сыымайдаммыт бииртэн биир ылбаҕай ырыалары күрэстэһээччилэр толорон бэрт сэргэх көстүү баран истэ. «Күбэйэ” үҥкүү бөлөҕүн кыргыттара (сал. СӨ култууратын туйгуна Мария Семенова) “Сапсыыкалаах үҥкүү” толорон кэнсиэр хаамыытын киэргэтэн биэрдилэр.
Аркыастырга уонна биирдиилээн күрэскэ кыттар ырыаһыттарга доҕуһуолдьутунан оонньообут РСФСР үөрэҕэриитин туйгуна, СӨ үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар улууһун, Тойбохой нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайката, 50-тан тахса сыл муусука учууталынан үлэлээбит Клара Степановна Тихонова өссө да муусукаҕа бэриниилээҕин, байааҥҥа олус бэрткэ оонньуурун, кыаҕын көрдөрөн биһигини сөхтөрдө.
Тыҥааһыннаах күрэс дьүүллүүр сүбэтигэр үлэлээтилэр:
- Павлова Надежда Николаевна, Клара Степановна уонна Александр Васильевич аатынан Кыталык култуурунай киин дириэктэрэ, СӨ културатын туйгуна, күрэһи иилээн-саҕалаан тэрийээччи.
- Иванова Лариса Николаевна – Ырыа Дьаархан, Саха сирин Дархан этээччитэ, Дьаархан нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, СӨ култууратын туйгуна.
- Сивцева Евдокия Гаврильевна – Сунтаар улууһун култууратын уонна айылгытын салалтатын информационнай методическэй салаатын исписэлииһэ, СӨ култууратын туйгуна.
“Ыллыы сылдьыах” диэн Александра Титова сырдык аатыгар анаммыт бастакы улуустааҕы ырыа күрэһин түмүктэригэр тохтуубут. Ырыа күрэһэр дьиэ-кэргэттэринэн, тэрилтэлэринэн элбэх бириистэр анаммыттарын олус сэргии-сөҕө көрдүбүт. Ити курдук, Е.В.Чомпосова бирииһэ Станислав Дмитриевка (Дьаархан), Л.К. Иванова бэлэҕэ Анна Андрееваҕа (Дьаархан), Сунтаар култууратын салалтатыттан Мария Лыткинаҕа (Уһун-Күөл), Ньургуһун уһуйаантан Прасковья Индееваҕа (Уһун-Күөл), Е.А. Егороваттан Мария Семеноваҕа (Уһун-Күөл), Сардаана уһуйаантан Анастасия Березкинаҕа (Тойбохой) бириистэр туттарылыннылар.
Александра Егоровна төрөппүт кыргыттара Лена уонна Татьяна Семеновналар бэйэлэрин биһирэбил бириистэрин Ньургуйаана Ивановаҕа (Тойбохой), Александра Павловаҕа (Тойбохой) уонна Афанасий Тимофеевка (Дьаархан) туттардылар.
Александра Титова салайа сылдьыбыт “Дуораан” ырыа ансаамбылын кыттыылаахтара, Дьөһөгөй ыйыгар бу күн оруобуна төрөөбүт күннээх “Сылгыһыт Стас” диэн аатынан улууска балай да биллибит ырыаһыкка Дьаархантан сылдьар Станислав Архиповка уонна Куокунуттан Валентин Николаевка анал бэлэхтэрин туттартаан үөртүлэр. Валентин Николаев бэйэтин тэтимигэр олус барсар “Эҕэрдэ” ырыатыгар оһуохай хамсаныыларын киллэрэн үҥкүүлээн ылыыта, сыанаҕа холкутук, дьоһуннук тутта үөрүйэҕин көрдөрөн, дьон болҕомтотун тардан сэргэхситтэ.
Күрэс түмүгүнэн маннык анал ааттары ылары ситистилэр, оҕолорго:
III Үктэл – Сандаара Потапова
II Үктэл – Федя Тихонов
I Үктэл – Айсаара Николаева
III Үрдэл – Сардаана Миронова
II Үрдэл – Роберт Сидоров
I Үрдэл – Марианна Миронова (бары Тойбохойтон сылдьаллар).
Оҕолорго саамай кырачаан кыттааччы Роберт Сидоров алта эрэ саастаах буолан биэрдэ. Көҥүл ырыаҕа «Гимн России” ыллаан соһутта, иккис түһүмэххэ саха дьахалларыттан бастакы мелодист Светлана Кудрина “Суолга” диэн ырыатын толорон дьон көҕүн тутта. Уол бэйэтэ олус баҕалааҕын, эдьийэ, убайа ыллыылларын үтүктэн бэйэтэ ыллыы сатыыр идэлээҕин көрөр, билэр буолан Клара Степановна бэрт кылгас бириэмэ иһигэр дьарыктыы охсон күрэскэ кытыннарбыт эбит.
Улахан дьоҥҥо анал аакка тигистилэр:
III Үктэл – Надежда Уарова (Тойбохой нэһ.)
II Үктэл – Владимир Федоров (Тойбохой нэһ.)
I Үктэл – Иван Васильев (Маар Күөл нэһ.)
III Үрдэл – Татьяна Ераскумова (Туойдаах нэһ.)
II Үрдэл – Наталья Еремисова (Тойбохой нэһ.)
I Үрдэл – Мотрена Амонова (Аллыҥа нэһ.)
Анал ааттарга тиксибит нэһилиэктэн биллэр ырыаһыттар бэрткэ кытыннылар. Инникитин мэлдьи дьарыктанан, араас тэрээһиннэргэ, күрэстэргэ кыттан дьоҕурдарын сайыннараллара буоллар, таһымнара үрдээн, репертуардара кэҥээн иһиэ этэ диэн дьүүллүүр сүбэ сыанабыл оҥордо.
Кылаан кыайыылаах үрдүк аатын Сунтаартан Анна Трифонова ылыан ылла, кини ырыаны толорор таһыма, ис хоһоонун биэриитэ, сыанаҕа тутта-хапта сылдьыыта, тас көстүүтэ, таҥаһа-саба барытыгар эппиэттэһэрин дьүүллүүр сүбэ, көрөөччүлэр даҕаны бары биһирээтилэр. Түмүккэ, кини саха норуодунай бэйиэтэ, ССРС уонна Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Михаил Тимофеев тылларыгар уонна саха норуотун хампаһыытара, Саха АССР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Герман Комраков муусукатыгар “Туруйалар” диэн ырыаны олус иэйиилээхтик ыллаан, сэрии ыар тыынын санатан дьон-сэргэ кутун тутуон тутта, дууһаны долгутта диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.
Лена уонна Татьяна Семеновналар ийэлэрин ыллаабыт ырыаларын барытын флешкаҕа түмэн киллэрбиттэрин хас биирдии кыттааччыга, тэрийээччилэргэ бэлэх ууннулар. Күрэскэ кэлбит дьон бары илии тутуурдаах, түөстэригэр мэтээллээх, бэлэхтээх, уоттаах-күөстээх үрдүк сыанаҕа дуоһуйа ыллаан астынан тарҕастылар. Александра Егоровна кыргыттара Лена Мииринэй куораттан, оттон Татьяна кэргэнинээн Юрийдыын Удачнайтан анаан-минээн тэрээһиҥҥэ кэлбиттэр. Тэрийээччилэргэ улахан махталларын биллэрдилэр, ийэлэрин туһунан кинигэ суруйан таһаарар былааннарын билиһиннэрдилэр.
Киһи ис иэйиитин кылын таарыйар, сүрэх төлөнүн күүһүрдэр Александра Титова ыллаабыт ырыалара сүгүрүйээччилэригэр уонна дьонугар-сэргэтигэр аргыс буоллуннар, саха норуотун уоһуттан түспэт иэйиилээх ырыалара өссө да ыллана турдуннар!
Галина САМОЙЛОВА,
Сунтаар улууһун култууратын уонна айылгытын салалтатын
информационнай, методическэй салаатын сэбиэдиссэйэ,
СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ