Күɵх Луо сыла, онтон саха халандаарынан Айыыһыт сыла. Бу сыл бэлиэтин Сунтаар Хаданын уран ууһа Иннокентий Иванов хаарынан олус ураннаан, оҥорон таһаарбыта киэҥ биһирэбили ылла.

Иннокентий Иванов сыл ахсын хаар оҥоһук арааһын оҥорон дьонун-сэргэтин үɵрдэр, уран оҥоһугунан бар дьонун кэрэхсэтэр үтүɵ үгэстээх. Сунтаардар саҥа сылы кɵрсɵр үтүɵ күннэрэ тосхойдулар да Хадан Киэсэтэ быйыл хаарынан тугу айара-тутара, уранныыра буолла дэһэбит. Быйыл кини хаарынан ох, кыптый тутуурдаах, аар айылҕа тыыннаахтара доҕордоох Айыыһыт Хотуну айан, ураннаан күн сиригэр кɵрдɵрдɵ.

Киэсэ хаарынан уһаммыта отучча сыл буолла. Бастаан оҕолор уһуйааннарыгар сыл бэлиэлэрин оҥороро, онтон кэлин дьиэтин аттыгар уранныыр үгэстэнэн баҕалаах бары кэлэн кɵрɵр, кэрэхсиир буолбуттара. Арай былырыын доруобуйатынан мɵлтɵɵн оҥорботох сыллаах. Киһи сɵҕɵрɵ бу кэрэ айымньы уран уус күүстээх ыра санаатынан айыллан тахсыбыта, Иннокентий уҥа илиитин бэгэччигэр диэри биэс сыл аннараа ɵттүгэр станокка былдьаппыта, хаҥаһа эмиэ саахаллаах… Ону ол диэбэккэ алта уон сааһыгар ыра кыайарын киһи бэйэтэ сатыахтаах диэн ураннаабытын кɵрүҥ эрэ.

Быйыл Айыыһыты — Хаар харысхалы үгүс киһи кэлэн кɵрɵн барда, куораттан Амматтан, Сунтаартан ааҕан ситиллибэт киһи кэлэн кɵрɵн, хаартыскаҕа хатанан, сорох алгыс кытта ылан бардылар. Айыыһыт Хотун бэйэтин ытык сылыгар өр ыралаабыт, күүппүт күндү далбар хотуттарбытыгар оҕо кутун бэлэхтээтин, дьиэ кэргэни харысхаллаатын!

ТУСКУЛААНА ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА

Читайте дальше