“Айымньыта суох учуутал суох”

       Итинник ааттаах алын сүһүөх кылаас учууталларын методическай холбоһуктарын бэстибээлэ Сунтаарга ыытылынна.

Бэстибээл аан бастаан Элгээйи алын сүһүөх учууталларын көҕүлээһининэн 2017с. саҕаламмыта. Бастаан Элгээйи эҥэр нэһилиэктэр учууталларыгар онтон улуус таһымнааҕы тэрийбиттэрэ. Быйыл Бүлүү бөлөх улуустарын хаптылар. Бэстибээл аата да этэрин курдук айар-тутар дьоҕурдаах учуутал оҕолору сырдыкка, кэрэҕэ уһуйар. Үөрэххэ саҥа, сонун ньымалары, оҕоҕо уратытык билии биэрии туһунан кэпсэтэллэрин, ырытыһалларын тэҥэ учууталлар айар талааннаарын, дьоҕурдарын эмиэ көрдөрдүлэр.

Бэйэни билиһиннэрии түһүмэҕэр Бүлүү улууһун учууталларын хамаандата буурҕаны, силлиэни, хаары аахсыбакка Сунтаар сиригэр айаннаан кэлбит көрдөөх устуулара элбэх киһи болҕомтотун тарта, күллэрдэ.

Элгээйи П.Х.Староватов аатынан орто оскуолатын алын сүһүөх кылааһын учуутала Виктория Федотова: “Алын сүһүөх кылаас учууталлара үлэлэригэр сонун ньымалары, үөрүйэхтэри биллиннэр, туһанныннар диэн бу бырайыагы толкуйдаабыппыт. Саамай сүрүнэ кыра оҕону кытта үлэлиир учуутал үлэтигэр айымнньылаахтык сыһыаннаһыахтаах. Оччоҕо эрэ учуутал оҕо кутун, итэҕэлин ылар. Ол иһин тэрээһин чэрчитинэн ыытыллар аһаҕас уруоктарга элбэх учуутал сырытта. Ордук бу тэрээһиммит саҥа үлэлээн эрэр учууталларга туһалаах буолара саарбаҕа суох. Элбэх уопуттаах, аҕам саастаах учууталлары кытта эдэр учууталлар биир түһүлгэҕэ мустан билиилэрин, сатабылларын үллэстэллэр, уруоктары ырытыһаллар. Быйылгы тэрээһини В.Н.Павлов аатынан Сунтаардааҕы алын сүһүөх оскуолата тэрийдэ. Бастыҥ үлэлээх алын сүһүөх кылаас учууталларын түмсүүтэ диэн күрэскэ Элгээйиттэн уонна Сунтаартан алын сүһүөх оскуолатын учууталлара кытта сылдьабыт” диэн кэпсээтэ.
Октябрина Акимова Ньурба куоратын С.Васильев аатынан гимназиятын алын сүһүөх кылааһын учуутала: “Сунтаарга алын сүһүөх учууталларыгар бэстибээл буоларын истэн кыттарга, уопут, билии атастаһан кэлэргэ тутатына сөбүлэспиппит. Мин 2001с. оскуолаҕа үлэлиибин. Бэстибээл аата да этэрин курдук “айымньыта суох учуутал суох” диэн этии саамай сөп. Билигин оҕо болҕомтотун тардар олус ыарахан. Ол иһин, үлэбитигэр араас ньыманы, үөрүйэҕи билэ сатыырга кыһаллабыт. Саамай сүрүнэ айымньылаахтык үлэлиибит. Учууталлар уруоктарыгар араас оонньуулары туһаналларын сэргээтибит. Бу манна билбит үөрүйэхпитин салҕыы үлэбитигэр туһаныахпыт. Тэрээһин ыытыллар форматын биһирээтибит. Мунньах курдук буолбакка чэпчэкитик, бырааһынньык курдук ааста ” диэн тэрээһин туһунан санаатын үллэһиннэ.

Бииртэн-биир интэриэһинэй аһаҕас уруоктар ыытылыннылар. Үөрэх босуобуйатын быыстапката турда. Учууталлар “Өркөн өй” диэн тургутукка бэйэлэрин холоннулар.

        Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше