Айар тыл илбиһинэн оспот ыллыктанан

Пушкин… Улуу Пушкин
Олоҥхо дойдута Сунтаар биир килбиэннээх киинигэр – Кириэстээххэ икки үрдүк өрөгөйдөөх, үтүмэн үөрүүлээх үбүлүөйдэрин даҕааһыннаран ,улуу Пушкин 225 сылын алтыс төгүлүн үрдүк таһымнаахтык ыллылар. Бу эдэрдиин-эмэнниин тоҕо анньан кэлбит олохтоохтору мин учууталлар оҕо дууһатыгар тиийэр курдук үөрэтэннэр, баһылык бэйэтинэн суолта биэрэн инники сылдьара, дириҥ ис хоһоонноох махтал суруга, Кириэстээх логотиптаах сэмэй бэлэхтэрэ, оннооҕор Новосибирскай куораттан анаан ылларбыт “Коллекция русского музея” диэн сакалааттарыгар тиийэ тэрээһин мындырдык, ис сүрэхтэн тэриллибитэ олохтоохтор үрдүк таһымнарын көстүүтэ диэн сыаналаатым.

Дьэ, хайдах эбитий, улуу Пушкин кириэстээхтэр харахтарынан?! Саха дьонун сиэринэн алгыстаах алаадьынан, кырылыы кыынньар кымыһынан айах тутан дьоро киэһэ аанын астылар. 10-с кылаас уолаттара аахпыт “Я памятник себе воздвиг” хоһоонноро оҕолорго алгыстаах аартыгы аһан, ааттара улахантан суруллар үтүө дьон буоллуннар. Аҕа баһылык Александр Григорьев дьонун-сэргэтин, ыалдьыттарын эҕэрдэлээтэ, бэлэхтэрин туттарда. Олус көхтөөх, инники күөҥҥэ сылдьар учууталлардаах, үөрэнээччилэрдээх дириэктэр Евгений Тараяров эҕэрдэтэ, үөрэппит учууталларын махталынан санаан ааспыта эчи истиҥин. Бу мин бииргэ үөрэммит табаарыһым Борис Степанович оҕото буоларыттан үөрэн, таптыы көрөн олордум.

Олохтоох бибилэтиэкэ, оскуола, нэһилиэк кыһыны быһа ыыппыт Пушкин туһунан араас биктэриинэлэригэр, куоҥкурустарыгар киһи бөҕө араас сиртэн барыта кыттыбыт. Олору барытын сааһылаан, ырытан Людмила Данилова, Галина Коколова, Галина Намылова улахан да үлэни оҥорбуттар. Көҥүл тылбааска улахан суруйааччылар кыттан соһуппуттар, дьүүллүүр сүбэ ааттарын көрбөккө олорон дьүүллээн, кыайыылааҕынан Вячеслав Хон тахсыбыт, эҕэрдэ. Оҕолор, кыыстыын уоллуун, кылааһынан кэлэн Пушкин хоһооннорун доргуччу ааҕаллара, учууталлара олохтоох ааптар Илгийэ тылбааһыгар быһа тардыыны икки тылынан аахпыттара кими астыннарбат буолуой.

Кириэстээх улууспутугар алмааһы кытта саамай сибээстээхпит, араас омук аалласпыт сирэ буолан оҕолор боруодалара тупсарыллыбыта, сытыылара, сайаҕастара, хааннара ырааһа харахха быраҕыллар. Кырачаан 6 саастаах Дарина Коколованы, чахчы да барытыгар чаҕылхай Чаҕыл Амбросьевы бэлиэтээбэт буолуохха сатаммат, кырачааннарга сырдык саҕахтары. Надя Рушева диэн уруһуйдьут кыысчаан, төһө да 17 эрэ сыл олордор улуу Пушкины үйэтиппит уруһуйдарын оҕолор Дайаана Намылова, Сильвия Ушатова киһи истэн олоруох курдук кэпсээтилэр. Пушкин сүгүрүйээччитэ Люция Скоблова улуу Пушкинныын алтыһаары анаан Москва, Санкт-Петербург түмэллэрин ыйы ыйынан көрбүтүн, өссө сылы быһа уочаракка туран Пушкин кэрэ миэстэлэригэр сылдьыбытын кэрэхсэбиллээхтик кэпсээтэ, сөхтөрдө.

Сунтаартан “Ньургуһун” түмсүүттэн ыалдьыттар Дина Николаева-Алаас Кыыһа,  бу сурук ааптара мин — Зинаида Федотова-Дьол Кыыма истиҥ эҕэрдэлэри тиэртибит, кинигэлэрбитин олохтоох кинигэ кыһатыгар бэлэх ууннубут.

Кэлбит бары Пушкин тыыннаах тылыгар кыттыһан “Мой русский язык” хоһоонуттан доргуччу аахтыбыт. Оттон орто оскуола тыл холбоһугун учууталлара полонез үҥкүүлээн олох баал тыынын умнуллубаттыы олохтоотулар. Пушкин оруолун толорбут Валентина Максимова дьүһүннүүн кубулуйан, сэргээн истэн олорбута кыттааччыларга эмиэ да куттал, эмиэ да үрдүк эппиэтинэс этэ.

Ыытааччылар Маргарита Жиркова, Егор Васильев нууччалыы, сахалыы суккуйан, сүүрүк ат тэппит атаҕын кубулуппатыныы, кудуххайдык ыыттылар. Бу саҥарар саҥалара сибээстээҕин, куоластара чөллөркөйүн. Эбэн эттэххэ, бу ыытааччы оҕом баяҥҥа учуутала Егор Васильевич, муусука оскуолатыгар урукку эдэр кэллиэгэм — Гоша.Ол сахха Гоша саҥа үөрэҕин бүтэрэн кэлбит кырасыабай баянист, үҥкүүһүт уолчаан этэ. Урут да кэмпиэтин, сакалаатын тута сылдьар этэ, билигин даҕаны, тыа сирин уйгутун уһансан эти-үүтү дэлэтэр зоотехник идэлэнэн, өлгөм илиитинэн сип-сибиэһэй, бэйэтэ тутан-хабан оҥорбут арыытын бэлэхтээн, умнубакка үчүгэйдик саныы сылдьарын биллэрэн, кырдьаҕас киһини наһаа үөртэ. Салгыы бырааһынньык иккис аҥаарыгар аһаҕас микрофон, Марианна Васильева «Умтичаана кэпсиир» саҥа кинигэтин сүрэхтэниитэ тэрилиннэ. Тэрийээччилэр ИП «Саввинов Е.Е.» тэрээһиҥҥэ көмөлөспүтүгэр махтаннылар.

Дьэ , бу курдук айар тыл илбиһинэн оспот ыллыктанан Улуу Александр Сергеевич Пушкин алтыспыт киһитин барытын үрдүккэ, кэрэҕэ, сырдыкка, айымньы киэҥ аартыгар сирдээн күн курдук күлүмүрдүү тыкта.

Зинаида ФЕДОТОВА-Дьол Кыыма

Читайте дальше