Аллыҥа нэһилиэгэр оскуола кэлэктиибэ сыл ахсын үгэс быһыытынан аҕам саастаах дьону оскуолаҕа түмэ тардан, сандалы остуол тула истиҥ-иһирэх көрсүһүү ыытар.
Бу да сырыыга, ытык кырдьаҕастарга болҕомто ууран, “Ахтан, санаан ааһыаҕыҥ” диэн учууталлардыын көрсүһүү тэрийдилэр. Манна Тойбохойтон Клара Тихонова күндү ыалдьыт буолла, итиэннэ элбэх ырыаҕа баян дьикти алыбар доҕуһуоллаата. Оттон үөрэнээччилэр “Киэн туттар киһим” диэн буклет оҥорон кэпсээтилэр. Ону тэҥэ эҕэрдэ нүөмэрдээх кэнсиэр бэлэх ууннулар.
Быйыл улууска Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылынан, үөрэнээччилэр уонна оскуола үлэһиттэрэ кыттыһан, 28 ыалга 2025 сыл бастакы аҥарыгар “Сунтаар сонуннара” хаһыакка сурутуу бэлэх ууннулар.
Күн-дьыл ириэрэ, тоҥоро турар кэмигэр, халтырааҥҥа ытык кырдьаҕастары оскуола массыыната илдьэн-аҕалан, үгүс саастаах дьон түгэни мүччү туппакка тэрээһиҥҥэ кэллилэр.
Түмүккэ, бүгүҥҥү күнү ахта-саныы сылдьалларын курдук, хаартыскаҕа хатаан, дьиэлэригэр илдьэ бардылар. Маннык тэрээһинтэн аҕам саастаах дьон олус астыммыттарын-дуоһуйбуттарын биллэрэн, оскуола бибилэтиэкэтигэр кинигэ бэлэхтээтилэр. Бу курдук, икки өттүттэн илии тутуурдаах, өттүк харалаах тарҕастылар.

Елизавета ТИТОВА

Читайте дальше