СӨ үтүөлээх, РФ үтүөлээх, СӨ норуодунай артыыһа, Таатта улууһун уонна Мэҥэ Хаҥалас Бүтэйдээх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Афанасий Афанасьев С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан үҥкүү национальнай тыйаатырыгар 45 сыл устата балет артыыһынан таһаарыылаахтык үлэлээбитин тыйаатыры таптааччылар бары билэбит. Ааспыт сылга үбүлүөйдээх кэнсиэрэ үрдүк таһымнаахтык ааспыта.
Афанасий Дмитриевич артыыстартан ураты ойуччу тутуллар, норуот тапталлаах артыыһа. Киһи быһыытынан майгыта-сигилитэ да үчүгэй, бар дьонун кытары мэлдьи эйэҕэстик кэпсэтэр, норуот киһитэ буолар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Оһуокай» айар сойууһун саамай көхтөөх чилиэнэ. Уонтан тахса сылы быһа Туймаада Үс Хатыҥ ыһыаҕар дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлиир. Үҥкүү тылын этээччи тылын-өһүн, хоһуйарын таһынан, төһө үчүгэй тэтимнээхтик туттан-хаптан, түһүлгэни тутарын сыаналыыр ураты киһибит. Үҥкүү тэтимин тутууга өрүү сүбэ-ама буолар.
2025 сылга саха норуотун чулуу ырыаһыта, оһуокайдьыта, тойуксута, саха үҥкүүтүн айан хаалларбыт Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уола төрөөбүтэ 125 сыллаах үбүлүөйүнэн сибээстээн, Афанасий Дмитриевиһы көрсөн кэпсэттибит. Улуу Сибиэрэп 115 сыллаах үбүлүөйүгэр Сунтаар ыһыаҕар ыҥырыллан тиийэн, Сергей Афанасьевич оруолун толорбута. Урукку өттүгэр ханнык да артыыска ити оруолу итэҕэйэн толорторботохторо. Онон ити үбүлүөйдээх ыһыах оруолун хайдах ылыммытын туһунан Афанасий Дмитриевич аһыллан туран маннык сэһэргээтэ:
— Мин тыйаатырбар оҕолору үҥкүүгэ үөрэтэ сырыттахпына, «дириэктэргэ киирэр үһүгүн» диэн ыҥырдылар. Киирбитим, дириэктэрим Александр Алексеев Сунтаар улууһун култууратын начальнига Мария Тараяровалыын сэһэргэһэ олороллор эбит. Мария Афанасьевна улууһун үбүлүөйдээх ыһыаҕар тэрээһиннэрин кэпсээн туран, ыһыах сценариһа Сайа уонна режиссера Галина Самойлова «Сибиэрэп оруолугар эйигин көрөллөрөр, сөбүлэһиэҥ этэ дуо?» — диэн ыйытта. Драмартыыс буолбатахпын, соһуйдум, онон тутатына эппиэт биэрбэтим. «Эн дьүһүҥҥүнэн барсыаххын сөп» диэн эбэн эттэ.
Дьэ, ити курдук, толкуйга түһэ сылдьан, саха тыйаатырыгар норуодунай артыыс Анна Кузьминаҕа сунтаардар этиилэрин кэпсээтим. «Афанасий, төрүт аккаастаныма, артыыска оруол биэрии, ыҥырыы дьол буоллаҕа» диэн сүбэ тылларыттан санаам олус көтөҕүллүбүтэ. Ити кэнниттэн иккистээн көрсүһүүгэ Мария Афанасьевнаҕа сөбүлэҥмин биэрэн, Сунтаарга үбүлүөйдээх ыһыахха биир ый иннинэ тиийбитим.
Сергей Афанасьевич 115 сыллаах үбүлүөйүгэр сунтаардар тэриммиттэр ахан этэ. Миигин СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Тойуктаах Маарыйаҕа түһэрбиттэрэ. Мария Ивановна Сергей Афанасьевичтыын алтыспыт буолан, үгүс сүбэни-аманы биэрбитэ. Сибиэрэп аатынан мусуойга сырытыннарбыттара, аны Сибиэрэп 1957 сыллаахха Москваҕа ыччат аан дойдутааҕы бэстибээлигэр кыттыбыт таҥаһын миэхэ үтүгүннэрэн тигиигэ түөрт иистэнньэҥи сыһыарбыттара. Сарсыарда ахсын массыынанан сылгылаан ыһыах түһүлгэтигэр киирэн репетиция бөҕөтө буолар. Көстүүм санаа хоту табыллан, иистэнньэҥнэр үөрүүлэрэ сүрдээх. Афанасий хаппырыыһа суох, үтүө киһи эбиккин диэн махтаммыттара. Ыгыатта мусуойуттан тииҥ кутуругуттан тигиллибит моойторугу киллэрдилэр.
Күүтүүлээх ыһыахпыт күнэ үүннэ. Мин долгуйуу бөҕөтө. Киин трибунаттан тэйиччи соҕус ойуур саҕатыгар ассистент устуулга олорто. Аттыбар үҥкүүлүүр оҕолор сылдьаллар. Бары уу чуумпулар, төрүт аймамматтар. Ассистент мин уочаратым кэлбитигэр киин трибунаҕа таҕыстым. Ырыа Ылдьаа миигин, ол аата Сибиэрэби алҕаата, улуу Москваҕа саргылаахтык сылдьан кэлэрбэр баҕа санаатын эттэ. Мин Сибиэрэп буолан тахсан, бар дьон иннигэр бокулуоннаатым, туойарын курдук туттан турдум. Арай, халлаан диэки көрдөхпүнэ, былыт халбарыйан, халлааммыт күп-күөх, ып-ыраас, күммүт кылбайан ахан турар. Үөһээ элиэ көтөн ааһарын көрдүм. Дьон-сэргэ, инники миэстэҕэ Сибиэрэп үөрэнээччилэрэ олороллор этэ, үөрэн илиилэрин күүскэ таһыннылар. Ыһыах аһыллыыта бүппүтүн кэннэ ыалдьыттар, олохтоохтор хаартыскаҕа түһүспүттэрэ. Дьон Сибиэрэп курдук ылыммыт этэ. Махтаныы, эҕэрдэ… Сибиэрэп кыыһа Вера Сергеевна аҕам оруолун сөпкө туттан көрдөрдүҥ диэн махтаммыта. Уола Төгүл Сергеевич тугут тириитин биэриэҕим, онон көстүүмнэ тиктэрээр диэбитэ.
Күһүн уоппускам кэнниттэн үлэбэр тахсыбыппар, каадыр отделыттан Вера Черноградская Арассыыйа үтүөлээх артыыһа буллуҥ, Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Дмитрий Медведев ыйаахха илии баттаабыт диэбитэ. Улуу Сибиэрэп миигин арчылаабыт, оруолун толорбуппун ылыммыт эбит дии саныыбын. Ийэм М.А.Собакина 1957 сыллаахха Москваҕа Лука Турнин бөлөҕөр хомусчут быһыытынан кыттыбыта, онно Сибиэрэби олус кытаанах киһи эбит диэн көрбүт этэ.
Ити үбүлүөйдээх ыһыах кэнниттэн «Оһуокай» уопсастыбата Александр Джурович салалтатынан Москва куоратын күнүгэр кыттыбыта. Онно мин эмиэ кыттыһан, Сибиэрэп оруолунан тэрээһин аһыллыытыгар кыттыбытым.
Эһиил, 2025 сылга, С.А. Зверев-Кыыл Уола 125 сыллаах үбүлүөйдээх ыһыаҕар барыахпын баҕарабын. Уон сыл анараа өттүгэр сунтаардар үбүлүөйдээх ыһыахтарыгар кыттыбыппынан олус киэн туттабын, махтанабын. Үбүлүөйдээх сылга уһаарыллан тахсыбыт тыйаатырым саҥа дьиэлэнэригэр баҕарабын. Артыыс быһыытынан элбэҕи ситиспиппэр үлэлээбит тыйаатырбар, дириэктэрбэр Александр Иванович Алексеевка, С.П. Бессоноваҕа махтанабын.
Марта НИКОЛАЕВА