Ааспыт сыл эйиэхэ тугу бэлэхтээтэ?

Ааспыт 2023 сыл үгүс элбэх түбүктэрдээх, ситиһиилээх буолла. Киһи саҥа сылга үктэнээри олорон, бу ааһан эрэр сылга мин туох ситиһиилэнним, хайдах сыл ааһан эрэр диэн түмүк оҥостор. Биллэн турар, олох биир кэлим барбат, үөрүү да, хомолто да баар буолар. Тосхойбут үөрүүбүтүн алтыһар дьоммутун кытары үллэстэбит, үөрүүбүтүн кэпсиибит. Оннук да буолуохтаах, туох баар мөкүнү кэннибитигэр хаалларан, иннибит диэки үөрүү-көтүү аргыстаах айаннатан иһэбит. Үүммүт сылтан бэйэбитигэр, дьиэ кэргэммитигэр, тулалыыр дьоммутугар туох баар үтүөнү, этэҥҥэ буолууну, ситиһиилэри баҕарабыт.

 

Иванов Роман Данилович, Маар Күөл:

– Бу сыл миэхэ хос сиэни бэлэхтээтэ уонна Ил Дархан анал бириэмийэтин тутан үөрдүм. Сунтаар улууһун олохтоохторун саргылаах Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибин,  кэскиллээҕи айа-тута сылдьыҥ, дьоллоох буолуҥ!

 

Виктор Иванов-Сиэйэ уола:

– Ааспыт сыл үгүс элбэх ситиһиини аҕалла. Холобура, муус устар ыйга улахан айар түһүлгэбин Өксөкүлээх Өлөксөй киинигэр оҥорбуппут ситиһиилээхтик ааспыта. Ол онтон кынаттанан, бииртэн-биир ырыа кэлэн иһэр уонна сайын Гаврил Серкин тылларыгар, Александр Томскай мелодиятыгар «Сылаас салгын» ырыабар Кириэстээххэ «Бордоҥ» сайылыкка Владимир Михайловы, бииргэ үлэлиир доҕотторун, оҕолорун клипкэ устубуппут дьон сэҥээриитин ылла.

Олимпиада Спиридонова тылларыгар, Гаврил Пахомов мелодиятыгар «Өбүгэ чорооно» ырыабар Таатта Баайаҕатыгар Мандар Ууһу, үөрэппит биллэр уус үөрэнээччилэрин кытта, саас ити кэнсиэр иннинэ «Ийэҕэ таптал» ырыаҕа клиптэри устубуппут. Бу эбээн уола Александр Погодаев тыллара уонна мелодията, ону убайбынаан Мэхээс Сэмэнэптиин сахалыы тылбаастаабыппыт. Онно элбэх эдэр ийэ, эбэлэр, хос эбэлэр уонна оҕолор уһуллубуттарын сүрдээҕин дьон астыммыта. Айар куттаах киһи буоларым быһыытынан, үлэбиттэн сороҕун ити курдук сырдаттым. Быйыл сыл саҕаланыыта «Үрдэлгэ» уонна сыл бүтүүтэ «Этигэн хомуска» «Көрөөччү биһирэбилэ» уонна эр  дьон ырыаһыттартан «Норуот таптала» диэн ааты иҥэрбиттэриттэн сэмээр үөрэбин. Сунтаарым ыччатыгар ситиһиини баҕарабын!

Юлияна Кривошапкина-Дьүрүйээнэ:

– Бу ааспыт сылга миэхэ саамай улахан бэлэх – сиэн. Биир дойдулаахтарбын  Саҥа дьылынан эҕэрдэлээн туран, бэйэҕитин харыстана, доруобуйаҕытын көрүнэ сылдьыҥ, баҕа санааҕыт барыта туола туруохтун диэн баҕа санаабын тириэрдэбин!

 

 

Айталина Михайлова, Бүлүүчээн нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы:

– Миэхэ ааспыт сыл элбэх үөрүүнү, умнуллубат түгэни бэлэхтээтэ. Холобур, үлэм сыаналанан муниципальнай сулууспа бэтэрээнэ буоллум.  Мин үҥкүүлүүр «Сарыада» ансаамбылым Москваҕа Бүтүн аан дойдутааҕы үҥкүү куоҥкуруһугар I миэстэни ылбыппыт эмиэ умнуллубат.

 

Вика Ераскумова, 9-с кыл. үөрэнээччитэ, буулдьанан ытыыга дьарыктанар:

– Миэхэ олус интэриэһинэй сыл ааста. Саамай үөрүүлээҕэ, туруоруммут сыалбын ситиһэн, Арассыыйа успуордун маастарыгар хандьыдаат нуорматын толордум уонна ахсыс төгүл ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» оонньууларыгар өрөспүүбүлүкэм аатыттан кыттар чиэскэ тигистим.

 

Анжела Никифорова, “Сунтаар улууһа” МО делопроизводствоҕа сүрүннүүр исписэлииһэ:

– Бу ааспыт сылга биир сүрүн дьиэ кэргэнинэн ситиһиибит диэн  “Ийэм, аҕам уонна мин – спортивнай дьиэ кэргэммит” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ кыттан I миэстэ буолбуппутун бэлиэтээн этиэм этэ. Урукку өттүгэр айар-тутар эйгэҕэ, култуура өттүгэр ордук чугас, кыттар эбит буоллахпытына, бу успуорт эйгэтигэр бастакы холонуубут. Сыл бүтүүтэ соһуччу ситиһии буолла.

 

 

«Сунтаар сонуннара» хаһыат

Читайте дальше