Аҕам саастаахтар күннэрин бэлиэтээһин алтынньы 1 күнүгэр 1990 сыллар бүтүүлэриттэн Аан дойду таһымыгар билиммиттэрэ. Саха сиригэр 2001 сылтан ыла бэлиэтэнэр. Биһиги улууспутугар ытык дьоммутугар аналлаах ыйынньык биллэриллэн, элбэх тэрээһин ыытылла турар.
Элгээйитээҕи С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан фольклор түмэлигэр аҕам саастаах дьоҥҥо дьоро күн ыытылынна. Бу ураты суолталаах күнүнэн биһиги аҕа саастаах дьоммутун олохтоох дьаһалта солбуйааччы баһылыга Аркадий Самойлов, кырдьаҕастар түмсүүлэрин салайааччыта Раиса Иванова уонна С.А.Зверев-Кыыл Уола аатынан фольклор түмэлин сэбиэдиссэйэ Ксения Семенова истиҥ иһирэх тылларынан эҕэрдэлээтилэр.
Түмэлгэ турбут «Көмүс саас эгэлгэ оҥоһуктара» — диэн айылҕа матырыйаалыттан араас оҥоһуктар, саастаах дьон сөбүлүүр дьарыктарын көрдөрөр быыстапкаҕа 21 киһи үлэтэ турда. Саастаах дьоммут айылҕа матырыйаалыттан – от- мас сэбирдэхтэриттэн, сибэккилэртэн, улар, кус түүтүттэн саҕалаан оҕуруоҕа тиийэ, онтон да атын араас дьикти оҥоһуктары оҥорбуттар. Дьон талаанын көрөн сөхтүбүт, астынныбыт. Хас биирдии кыттааччы бэйэтин оҥоһугун кэпсээн түмэл туоһу суругун, минньигэс бэлэҕин туттулар.
Ол кэннэ «Бүппэт санаабын туойаары — тылтан тылы кынаттыам» хоһоон күрэһигэр 12 киһи кыттыыны ылла. Саамай саастаахпыт Элгээйи нэһилиэгин, Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо, учууталлар учууталлара Татьяна Семеновна Куприянова уһун киэҥ хоһоону тохтоло суох ааҕан барыбытын сөхтөрдө.
Дьүүллүүр сүбэ үс бастыҥ ааҕааччыны быһаарда уонна биһирэбил бириистэри туттарда.
Дьоро киэһэ кыттыылаахтара сандалы тула олорон сэһэн-сэппэн буолан чэйдээн, хаартыскаҕа хатанан, үөрэн-көтөн, сэргэхсийэн тарҕастылар.
Галина, Александр Пахомовтар: «Фольклор түмэлин үлэһиттэрэ мэлдьи араас тэрээһиннэри, быыстапкалары тэрийэн нэһилиэк дьонун сэргэхситэллэр. Бу да сырыыга олус интэриэһинэй тэрээһин аҕам саастаахтарга ананна.
Сааһырдыбыт диэн таах олорон хаалбакка, маннык тэрээһиннэргэ дьон көхтөөхтүк кыттара хайҕаллаах. Бу күн дьон кэрэхсэбилин ылар араас оҥоһуктар быыстапкаларын көрөн астынныбыт. Ылбаҕай ырыа ылланна, хомоҕой хоһоон этилиннэ. Хоһоон күрэһигэр биһиги дьиэ кэргэн кыттан, 3 үрдэли ылан, дьүүллүүр сүбэттэн биһирэбил суругу кытта бэлэх-туһах тутан кыра оҕолуу үөрдүбүт. Бу дьоро киэһэни тэрийэн ыыппыт дьоммутугар үлэлэригэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт».
Надежда Петрова: «Аҕам саастаахтарга аналлаах декада чэрчитинэн фольклор түмэлин үлэһиттэрин, «Көмүс саас» түмсүү тэрийиилэринэн бэрт сонун, интэриэһинэй тэрээһин буолла.
Мин быыстапкаҕа кус түүтүнэн сибэкки букета оҥоһугум көрдөрүүгэ турда. Хоһоон ааҕыыта биир туспа болҕомтону тарта, дьону көҕүлээтэ. Хоһоон күрэҕэр Сайа уонна Кэрэмэс Кийиитин хоһооннорун өйтөн ааҕан, иккис үрдэл буолан биһирэбил бичик, сэмэй бэлэх тутан үөрдүм.
Маннык тэрээһиннэр ыытыллан истэхтэринэ аҕам саастаах дьон дьиэҕэ олорон хаалбакка, бэйэлэрин талааннарын, сатабылларын, санааларын атастаһа, олоххо көхтөөх кыттыыларынан сэргэх сылдьыа этилэр. Түмэл үлэһиттэригэр, «Көмүс саас» түмсүүгэ махталбын тириэрдэбин».
Олимпиада ЗАХАРОВА, СӨ култууратын туйгуна, С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан
фольклор түмэлин хранителэ