Былыргы итэҕэл быһыытынан, алгыс диэн – хараҥа күүстэри үтэйэр, ыарыыны эмтиир-томтуур кыахтаах аптаах тыл. Дьоҥҥо үтүөнү баҕаран, олох араас түбэлтэлэригэр, көстүүлэригэр үтүө түмүгү көрдөһөн айыыларга, иччилэргэ сүгүрүйэн, махтанар анал тыл этии диэн сахалыы тылдьыкка суруллар.
Маннык үтүөнү, сырдыгы саҕар санааттан салайтаран, Сунтаар нэһилиэгэр “Алгыс” бэтэрээннэр фольклорнай кулууптара түмсэн үлэлээбиттэрэ быйыл 38-с сыла буолла. Бу манна, дьоҥҥо-сэргэҕэ, эдэр ыччакка холобур буолар олоххо актыыбынай позициялаах ийэлэр, эбэлэр, эһэлэр күн бүгүнүгэр диэри бииргэ түмсэллэр. Историяны сэгэтэн, ахтан-санаан аастахха, бастаан бэтэрээннэр хордара диэн ааттанан, кэнсиэрдэргэ сахалыы норуодунай ырыалары ыллаан саҕалаабыттар. Бастакы салайааччынан Фатина Степановна Николаева, онтон уус-уран салайааччы Светлана Максимовна Исаева эбиттэр. Кулууп сүрүн сыала-соруга үүнэр көлүөнэҕэ төрүт үгэстэри, сахалыы ырыаны-тойугу, сиэри-туому илдьэ сылдьан, үтүө холобурунан иитии-үөрэтии, нэһилиэк, улуус уопсастыбаннай олоҕор кыттыы буолар.
Түмсүү билигин барыта 25 кыттааччылаах, 80-тан 90-гар диэри саастаахтара 11 киһи, 70-тан 80-гар диэри – 10 киһи, 65-тэн үөһээ 6 киһи баар. Бииргэ түмэр, салайар дьонунан Яна Трофимова, уус-уран салайааччы, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Галина Васильева буолаллар.
Уус-уран салайааччы Галина Михайловна маннык кэпсиир:
– Фатина Степановна Николаева аатынан “Алгыс” бэтэрээннэр түмсүүлэригэр араас кэмнэргэ кыттыыны ылбыттар талба талааннаах, араас идэлээх, саха ырыатын-тойугун, сиэрин-туомун өрө туппут биһиги киэн туттар, ытыктанар дьоммут буолаллар. Ол курдук, Сунтаарбытыгар, өрөспүүбүлүкэҕэ аатырбыт Улуу Тунах ыһыахтары уохтаах кымыһынан, саҥыйахтаах алаадьынан айах тутан, алгыс амалыйан аһар биһиги киэн туттар алгысчыттарбыт Иван Федорович Васильев, Мария Ивановна Егорова-Тойуктаах Маарыйа, биһиги хаһан да умнуохпут суоҕа айылҕаттан айдарыылаах, хомуһуннаах алгысчыты Николай Егорович Тимофеевы-Алгыс Ньукулайы, С.А. Зверев-Кыыл Уолун ансаамбылын бастакы кыттыылаахтарын С.В. Пахомовы, Е.П. Захарованы, Р.Н. Степанованы – култуура үтүөлээх үлэһиттэрин, улуус, нэһилиэк бочуоттаах олохтоохторун. Кэрэ куоластаах, ырыаһыт-хоһоонньут, ырыа айар дьоҕурдаах, норуокка биллэр ырыаһыттарбытын М.И. Софронованы-Күөрэгэй Маарыйаны, С.Г. Евсееви-Сэһэн Сэмэни, Лариса Калачикованы, Мотрена Петрованы, Марфа Исаеваны, уран тарбахтаах норуот маастарын М.С. Семенованы. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр оһуокайдьыттарбытын Ю.Е. Иванову, Э.А. Иванову, Е.А.Саввинованы, имигэс үҥкүүһүт Е.П. Игнатьеваны өрүү ахта-саныы сылдьабыт.
Түмсүү тэриллиэҕиттэн күн бүгүнүгэр диэри сылдьар дьонунан буолаллар: Мария Прокопьева, Анна Семеновна, Иван Федорович Васильевтар. Ону тэҥэ, ураты дьарыктаах кыттааччылар, сахалыы остуол оонньуутун өрө тутар, хабылыксыт, хаамыскаһыт, сыана бэтэрээнэ Николай Егоров. Сахалыы инструмены – кыл кырыымпаны оҥорооччу, кыбытык тигиинэн дьарыктанар Ефим Тартаков, кырыымпаҕа оонньооччу Анна Сергеева.
Алгыстар билигин даҕаны бииргэ нэһилиэктэр ыһыахтарынан сылдьаллар, араас бэстибээлгэ кыттан, саха төрүт култууратын илдьэ сылдьар дьоннорбутунан буолаллар. Ол курдук, 2017 с. Сочи куоракка, 2022 с. Байкалга, былырыын Олоҥхо ыһыаҕар Өймөкөөҥҥө, 2023 с. Бүлүүчээн түмсүүлэрин кытта көрсүһүүгэ тиийэ сылдьыбыттар, сайыны көрсө Ньукуолуннуур үгэстээхтэр. “Маннык көрсөн, бииргэ алтыһан, ирэ-хоро кэпсэтэн, санаа атастаһан сылдьарбыт олус үчүгэй” диэн санааларын үллэстэллэр. Быйылгы былааннарыгар кулун тутарга Өлөөҥҥө таба бырааһынньыгар бэтэрээннэри кытта көрсүһүүгэ барыы, Ньурбаҕа кырдьаҕастар дьиэлэригэр биир дойдулаахтарын кытта көрсүһүү, кылынан оҥоһукка маастар-кылааһы тэрийии, ыһыахха анаан сахалыы олбоҕу тигии баарын үллэһиннилэр, быйыл Аммаҕа буолар Олоҥхо ыһыаҕар барыахтаахпыт диэн баҕа санаалаахтарын эттилэр.
Алгыстар үтүө санааны өрө тутан, кыһалҕалаах түгэҥҥэ түбэспит биир дойдулаахтарбытыгар, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ, соҕотох олорор кырдьаҕас дьоҥҥо, оҕолорун соҕотоҕун иитэр аҥаардас аҕаларга аһынан-үөлүнэн күүс-көмө буолаллар. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар хаххалыыр сиэккэни өрөн, уу харчынан кыттыһан көмө ыыппыттара. Бу соторутааҕыта аахсыйаҕа кыттыһаннар блиндаж чүмэчитин оҥорон бэлэмнээбиттэр. Ыраах сылдьар оҕолорбутун дойдуларын отун сыта, буруота ыраастаатын, арчылаатын диэн баҕа санааларын этэн туран, чүмэчи иһигэр үөрэ отун уган оҥорбуттар.
Аҕам саастаах ытык дьоммут инникитин да күлэ-үөрэ, ыллыы-туойа, кэнчээри ыччаттаргытын иитэ-такайа, үтүө санааҕытынан салайтаран, чэгиэн-чэбдик этэҥҥэ сылдьаргытыгар баҕарабыт!
Алена ИВАНОВА