Ыраастаныы, хомунуу субуотунньугар сөп түбэһиннэрэн Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтатын көҕүлээһининэн аҕам саастаах дьону айылҕаҕа таһааран сынньаттылар. Тэрээһини нэһилиэк эр дьоно көҕүлээн тэрийдилэр. Кинилэр аҕам саастаах дьону сааскы бултарыттан күндүлүүллэрэ үтүө үгэскэ кубулуйда. Аҕам саастаах дьон үөрэ-көтө оллооҥҥо буспут сибиэһэй кус миинин амсайдылар, бэйэлэрин үөлээннээхтэрин кытта ат ах тэпсэн олорон сэһэргэстилэр, күөх айылҕаҕа көччүйэ сынньаннылар. Ону тэҥэ, үлэһит ыччакка баҕа санааларын, алгыс тылларын анаатылар. Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Филиппов “Аҕам саастаах дьоммут сүбэтин-аматын мэлдьи истэбит, ылынабыт. Кинилэр нэһилиэк сайдыытыгар сүҥкэн өҥөлөрүн умнубаппыт, кинилэринэн киэн туттабыт” диэн этиитин аҕам саастаах дьон үөрэ иһиттилэр. Бу буоллаҕа аҕам саастаахтарга ытыктабыл бэлиэтэ.
Мира АФАНАСЬЕВА