Бу күннэргэ Арассыыйа аҕаларын күнүн чэрчитинэн улуустааҕы «Хоһуун» аҕалар түмсүүлэрин (салайааччы Борис Уларов) уочараттаах мунньаҕа буолан ааста.
Борис Михайлович дойду олоҕуттан саҕалаан улууспутугар баар балаһыанньаны, онно аҕалар кыттыыларын, оруолларын туһунан дириҥ ис хоһоонноох иһитиннэриини оҥордо. Ол тула интэриэһинэй, киэҥ кэпсэтии буолла.
Аҕалар түмсүүлэрин үлэтин туһунан ахтыы, сүбэ-соргу этиилэрин Афанасий Жараев, Афанасий Васильев, Михаил Кириллин, Вячеслав Данилов, Ким Павлов, Константин Тотонов о.д.а. эттилэр.
Мунньахха улуус дьаһалтатын, тэрилтэлэр салайааччылара кыттыыны ылбыттара, санааларын эппиттэрэ кэрэхсэбиллээх буолла. Ол курдук, улуустааҕы социальнай харалта управлениетын начальнига Михаил Тимофеев, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнига Владимир Анисимов, улуустааҕы Айылҕа харыстабылын инспекциятын салайааччыта Сергей Николаев. Оттон улуус тыатын хаһаайыстыбатын биир эдэр салайааччыта Станислав Семенов бэйэтин санааларын үллэһиннэ.
Бырааһынньыктааҕы түмсүүгэ салайааччы Борис Уларов түмсүү көхтөөх чилиэннэригэр эҕэрдэ суруктары туттартаата. Ону тэҥэ сабыс саҥа оҥоһуллубут түмсүү чилиэнин туоһулуур бэртээхэй оҥоьуулаах түөскэ кэтэр бэлиэлэри туттартааһын буолла.
Түмүккэ Сунтаар улууһун «Хоһуун» аҕалар түмсүүлэрин үлэтин өссө күүһүрдэргэ, кэҥэтэргэ, сүрүн болҕомтону дойду көмүскэлигэр сылдьар уолаттарбыт дьиэ кэргэттэригэр уурарга диэн этилиннэ.
Борис НИКОЛАЕВ