Арассыыйаҕа — «Дьиэ кэргэн», Саха сиригэр — «Оҕо саас», Сунтаар улууһугар — «Аҕам саастаахтарга ытыктабыл» сылларын, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Аҕа күнүн чэрчитинэн улуустааҕы «Аҕа уолунаан-2024» Сунтаар улууһун уһуйааннарын иһинэн күөн күрэс бүгүн муус устар 10 күнүгэр, Б.Г. Игнатьев аатын сүгэр Дьаархан орто оскуолатын (дириэктэр Н.Н.Охлопков) — уһуйаан үлэһиттэрин күүһүнэн тэриллэн, Дьаархан нэһилиэгэр олус үрдүк тэрээһиннээхтик, көхтөөхтүк үөрүү-көтүү аргыстаах ыытылынна.
Барыта 7 көрүҥҥэ уоллаах Аҕа биир сомоҕо хамаанда буолан күрэстэһэн сүүрдүлэр-көттүлэр.
Күрэспит көрүҥнэрэ уһуйаан оҕолоругар ананан толкуйдаммыт буолан судургулар, күннээҕи олоххо көрсөр үлэ үөрүйэҕэр үөрэтии-такайыы хабааннаах барда.

1-кы көрүҥ — «Бэйэни билиһиннэрии»:
I м. Эдик, Владимир Егоровтар
II м. Артемий, Николай Николаевтар
III м. Уйгуур, Альберт Алексеевтар
Бу көрүҥҥэ бэйэни билиһиннэрии, хамаанда девиһэ, тэҥ таҥас көрүлүннэ.

2-с көрүҥ — «Мас хайытыыта»:
I м. Артемий, Николай Николаевтар.
II м. Эдик, Владимир Егоровтар.
III м. Уйгуур, Альберт Алексеевтар.
Аҕалар бэлиэтэммит сиртэн сүүрэн кэлэн 5 лэкэни түөрт аҥыы хайыттылар, онтон сүүрэн тиийэн уолларын таарыйдаҕына уол хайдыбыт маһы иккилии маһынан кириэстии ууран үрүт-үөһээ сааһылыыр. Бу манна уолаттарбыт аҕаларын сүбэлэринэн олус бэккэ сааһылаан уурдулар. Сааһыламмыт мас сууллар түгэнигэр мастарын хос сааһылыахтаах этилэр да, уолаттартан ким да сыыһа-халты туттубакка, аҕаларын, көрөөччүлэр хайҕабылларын ылыахтарын ыллылар.

3-с көрүҥ — «Хаар баһыыта»:
I м. Эдик, Владимир Егоровтар.
II м. Артемий, Николай Николаевтар.
III м. Уйгуур, Альберт Алексеевтар.
Аҕалар бэлиэтэммит сиринэн уолларын сиэтэн сүүрэллэр, бэлиэтэммит сиргэ тиийэн куулга толору хаары баһан баран биэтэккэ куулларын сүгэн, уолларын сиэтэн сүүрэн кэллилэр.

4-с көрүҥ — «Сыал ытыыта»:
I м. Уйгуур, Альберт Алексеевтар.
II м. Эдик, Владимир Егоровтар.
III м. Артемий, Николай Николаевтар.
Аҕалар салгын саатынан 5 мишени 10 миэтэрэттэн ыттылар, уолаттарбыт түү мээчигинэн 3 куобаҕы (1 куобах -1 очукуо), 1 куһу (-2 очукуо), 1 тииҥи (-3 очукуо) тоҕус төгүл быраҕан наадалаах очукуолары аҕалара ылбыт очукуоларыгар эптилэр.

5-с көрүҥ — «Эстафета»:
I м. Артемий, Николай Николаевтар.
II м. Эдик, Владимир Егоровтар.
III м. Уйгуур, Альберт Алексеевтар.
Бу көрүҥҥэ аҕалар бэлиэтэммит сири эргийэн кэлэн, иккис эргииригэр уолларын сиэтэн сүүрэн кэлэн, бэрэбинэ үрдүнэн «хааман» ааһаннар биэтэккэ кэлэллэр. Үс бэрэбинэ баарыттан биирдиитигэр сиргэ үктэнии аайы 5-тии сөкүүндэ эбиллэр. Дьэ бу манна Эдик биирдэ эрэ дубук үктэннэ, Артемийдаах Уйгуур иккилиитэ.

6-с көрүҥ — «Мээчиги хабыы»:
I м. Эдик, Владимир Егоровтар. (8 мээчик)
II м. Артемий, Николай Николаевтар. (7 мээчик)
III м. Уйгуур, Альберт Алексеевтар. (5 мээчик)
Оҕолор 4 миэтэрэттэн эргимтэ ии иһигэр туран аҕаларыгар 10-нуу мээчиги бырахтылар. Аҕаларбыт эмиэ эргимтэ ии иһигэр туран мээчиктэри биэдэрэнэн хаптылар.

7-с көрүҥ — Хапсаҕай»:
I м. Николаев Артемий
II м. Егоров Эдик
III м. Алексеев Уйгуур

Уопсай түмүккэ:
I м. Эдик, Владимир Егоровтар.(Дьаархан)
II м. Артемий, Николай Николаевтар. (Тойбохой)
III м. Уйгуур, Альберт Алексеевтар. (Дьаархан)
Кыайыылаахтар түөскэ кэтэр мэтээллэри сэргэ туоһу суругунан наҕараадаланнылар. Оҕолор иитээччилэрэ: Туйаара Игнатьева, Екатерина Павлова уонна Октябрина Ксенофонтова бэйэлэрин бэлэхтэрин иитиллээччилэригэр туттардылар. Ону таһынан анал ааттар иҥэрилиннилэр: «Саамай түргэн, сымса», » Саамай бэргэн» уонна «Кыайыыга дьулуурун иһин».
Дьаархан нэһилиэгин биир киэн туттар киһитэ, фермэрэ — Ил Дархан Айсен Николаев олохтообут «Үлэ киһитэ» анал аат хаһаайына Станислав Семенов — ИП «Семенов С.И.» оҥорон таһаарбыт бородууксуйатын кыайыылаахтарга Егоровтарга туттарда. «Саамай бэргэн» дьиэ кэргэҥҥэ Уйгуур, Альберт Алексеевтарга уһуйаан физическэй култуураҕа уһуйааччыта Павел Кырелов мэтээли кытары бэйэтин сэмэй бэлэҕин туттарда. ОДьКХ Дьаарханнааҕы салаатын салайааччыта Арсен Павлов бэйэтин үлэһитигэр Альберт Алексеевка «Сертификаты» туттарда.
Халлааммыт сааскылыы күнүн көрдөрөн, туран биэрэн көрөөччүлэр хото мустан, оҕолорго, аҕаларга «ыалдьан» күүс-көмө буоллулар.

Сунтаар улууһугар уһуйаан саастаах уолаттарга, кинилэр аҕаларыгар аан бастакынан ананан ыытыллыбыт күөн күрэспит сыалын ситтэ. Эһиил өссө элбэх кыттааччы кэлиэ диэн тэрийээччилэр эрэнэ хаалабыт.
Тойбохой куустатын методическай киинин салайааччыта Октябрина Петровна бу күрэҕи олус биһирээтэ: «Оҕолорго олус үчүгэйдик ананан тэриллибит, тэтимэ барыта толкуйдаммыт күрэс буолла», — диэн сыаналаабытын уһуйаан үлэһиттэрэ бары үөрэ, астына иһиттибит.

Павел КЫРЕЛОВ, күрэс тэрийээччитэ, сүрүн судьуйата
Анна Андреева хаартыскаҕа түһэриитэ, видеоҕа устуута.

Читайте дальше