Кулун тутар 22 күнүгэр Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас уонна Арыылаах нэһилиэгэр Аҕа сылынан, Кулуһуннаах күөлүгэр, Сунтаар улууһугар 24 төгүлүн үгэскэ кубулуйбут «Аҕа күрэҕэ — 2024» Арассыыйа дьоруойа Дмитрий Егоров аатынан ыытылынна.
Күрэхтэһиигэ 7 нэһилиэк аҕалара уонна уолаттара 9 хамаанда туруоран кыттыыны ыллылар. Күрэхтэһии хас да түһүмэхтэн турар.
Хамаандалар уратытык бэйэлэрин билиһиннэриигэ, мас суорааһыҥҥа, бэрэбинэлэри эрбээһиҥҥэ, оттук мас бэлэмнээһиҥҥэ, ойбону алларыыга, остуолбаҕа тахсыыга, чэй оргутарга уонна эбии саҥа булчут биатлона диэн көрүҥҥэ күүстэрин холоннулар, күрэс былдьастылар.
Хадантан Арылхан, Геннадий Владимирович Пустоляковтар; Иван, Владимир Гаврильевич Наховтар: Сунтаар — Арылхан, Руслан Афанасьевич Поповтар: Уһун-Күөл — Марк, Иван Владиславович Тихоновтар уонна Ярослав, Данил Анатольевич Еремеевтэр: Шея — Гром, Степан Николаевич Корниловтар: Тюбэй Дьаархантан Арсений, Сергей Реасович Зверевтэр: Маар Күөл — Владимир Потапов, Михаил Константинович Данилов: Кэмпэндээйиттэн Валентин, Андрей Сергеевич Гуриновтар.
Бары кыттааччылар ох курдук оҥостон кэлбиттэрэ көрөргө астык. Хамаандалар эрбии тииһин курдук эгил-тэгил эристилэр даҕаны, түмүккэ Шеяттан кэлбит Гром, Степан Корниловтар «Аҕа күрэҕэ-2024″ кыайыылаахтарынан буоллулар. 2 миэстэҕэ Арылхан, Геннадий Пустоляковтар.
3 миэстэҕэ Иван,Марк Владимир Наховтар таҕыстылар
Кыайыылаахтар, уонна бары хамаандалар грамоталарынан уонна сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.
Александра ПАВЛОВА,
Арыылаахтааҕы модельнай бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ