Үүммүт Оҕо саас сылын бастакы тэрээһининэн — үгэскэ кубулуйбут улуус аҕа баһылыгын Ороһуоспатааҕы харыйата буолла. Манна успуорка, үөрэххэ, култуура эйгэтигэр ситиһиилээх оҕолор улуус аҕа баһылыгын ороһуоспатааҕы харыйатыгар сылдьар чиэскэ тигистилэр. Дьоро күҥҥэ улуус бары нэһилиэктэрин оскуолаларыттан уонна эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэриттэн 100 бастыҥ оҕо муһунна.
Буоларын курдук бастаан оҕолор түмсүүлээх буолууга, билсиһиигэ аналлаах оонньууга, трениннэргэ кытыннылар. Онтон “Былааһы кытта кэпсэтии” түһүмэҕэр оҕолор улуус салалтатын үлэһиттэрин кытта атах тэпсэн олорон, Сунтаар инникитин, сайдар кэскилин туһунан ырытыылаах киэҥ кэпсэтиигэ бэйэлэрин көрүүлэрин үллэһиннилэр, санаа атастастылар.
Салгыы оҕолор “Томороон Тымныы Хотун” диэн ускуустуба оскуолата бэлэмнээбит туруоруутун көрдүлэр. Аҕа баһылык Анатолий Григорьев оҕолор үөрэхтээх, элбэх билиилээх, күүстээх санаалаах, дойдуларыгар бэриниилээх ыччат дьон буола улааталларыгар баҕа санаатын эттэ. Хас биирдии оҕоҕо баһылык минньигэс бэлэҕи тэҥэ смарт чаһыы бэлэх уунна. Онон оҕолор саҥа үөрэх чиэппэрин сүргэлэрэ көтөҕүллэн саҕалаатылар, үөрэхтэригэр ситиһиилэри баҕарабыт.
Нария Фомина, Сиэйэ орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ: «Аҕа баһылык Ороһуоспатааҕы харыйатыгар ыҥырыы туппуппуттан олус үөрдүм. Биһиги оскуолабыт урут тымныы этэ билигин ититэр систематын уларыппыттарыгар биллэ сылыйда. Онон оҕолор оскуолаҕа үөрэ-көтө кэлэбит. Улуус салалтатыгар, учууталларбытыгар усулуобуйа тэрийэллэригэр махталбытын тириэрдэбин. Оҕолорго үөрэхтэригэр ситиһиилэри, быйыл оскуоланы бүтэрээччилэргэ талбыт үөрэхтэригэр киирэллэригэр баҕарабын».
Мира АФАНАСЬЕВА
Ааптар видеоҕа устуута, хаартыскаҕа түһэриитэ.
Мира АФАНАСЬЕВА
Ааптар видеоҕа устуута, хаартыскаҕа түһэриитэ.