Бу ааспыт сыл ахсынньытыгар «Алмаасэргиэнбаан» тэрилибитэ 30 сылын бэлиэтээбитэ. Баан салалтата сылын аайы араас аахсыйалары ыытар, үтүө дьыалаларга кыттыһар.
30 сыллаах бэлиэ түгэннэринэн өрөспүүбүлүкэҕэ «Миллион на развитие» бырайыак толкуйдаан оҥордо. Манна балаһыанньа быһыытынан өрөспүүбүлүкэ бары улуустара кытталлар. Ол курдук, ханнык баҕарар тэрилтэ социальнай эбийиэк сайдыытыгар бырайыагынан кыттар.
Биһиги улууспутуттан үөрэх икки тэрилтэтэ кыттар. Ол курдук, Сунтаар 1 №-дээх оскуолата «Хорсун» байыаннай-патриотическай үөрэтэр киини тэрийэр бырайыагынан кытта р. Бырайыак аата да этэринэн, ыччаты патриоттуу өйгө-санааҕа иитиигэ туһуланар.
Ону сэргэ Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй-интэринээт аҕам саастаах дьону цифровой грамотностка үөрэтэр сыаллаах бырайыага баар.
Куоластааһын бастакы түһүмэҕэ бу сыл олунньу 4 күнүгэр диэри буолар. Онно бу икки оскуолаттан элбэх куолаһы ылбыта иккискэ киирэр. Ол кэннэ олунньу 12 күнүттэн кулун тутар 24 күнүгэр диэри аны улуустар икки ардыларыгар куоластааһын барар. Манна балаһыанньа быһыытынан 5000 куоластан элбэҕи ылбыт кыайыылаах буолуохтаах. Кыайыылаах бырайыактаах улуус 1 мөл. солк. сууманы сүүйэр кыахтаах. Иккистээбит, үһүстээбит улуустар тэрилтэлэрэ 500 тыһ. солк. бириэмийэлээхтэр.
Үгүс дьон манна хайдах куоластыыбыт диэн толкуйга түспүтэ буолуо. Онно маннык быһаарабыт:
Онуоха үс боростуой хардыыны оҥоруохха наада: 1️. «АЭБ Онлайн» сыһыарыыны төлөпүөҥҥүтүгэр олохтооҥ уонна регистрацияланыҥ. Регистрацияланарга «Алмаасэргиэнбаан картата наада. Босхо хааччыйыылаах «Карта жителя Якутии» картаны эбэтэр атын бэйэҕитигэр табыгастаах картаны талыаххытын сөп. 2️. Куоластааһын сирэйигэр көс. Сыһыарыы сүрүн экраныгар «Поддержи свой район» баннеры баттаа. 3️. Сунтаар улууһун тал! Күрэх туһунан сиһилии Баан сайтыгар көрүҥ: https://clck.ru/377sca
Бары бииргэ «Миллион на развитие» күрэскэ кыттан, төрөөбүт дойдубутун өйүөҕүҥ! «АЭБ Онлайн» мобильнай сыһыарыыга cөбүлээбит бырайыаккытыгар куоластааҥ! Кытаатыҥ, эһиги куоласкыт быһаарыылаах буолуон сөп!
Яина ВЛАСЬЕВА