Дьон ыйытара, туруорсара элбэх

Улуус дьаһалтатын ааспыт сыллааҕы үлэтин нэһилиэнньэ иннигэр отчуотун туруорар баһылыгы социальнай боппуруостарга уонна имиджевэй политикаҕа солбуйааччы Гаврил Еремеев салайааччылаах төрдүс бөлөх Куокунуга уонна Аллыҥаҕа үлэлээтэ.

Куокуну олохтоохторо Сунтаар улууһун дьаһалтатын сыллааҕы отчуотун көрөн-истэн баран, интириэһиргиир ыйытыыларын биэрдилэр уонна кыһалҕаларын кэпсэттилэр. Ол курдук, олохтоохтор сүрүн кыһалҕалара: аптечнай пункт суоҕа, эмчиттэр тийбэттэрээ, саҥа оскуола наадалааҕын, уот уонна суол туруга бүгүҥҥү күүннээҕи бэбиэскэҕэ киирдэ. Олохтоохтор этиилэрин, туруорсууларын боротокуолга киллэрдилэр  уонна төһө кыалларынан быһаарыахпыт диэн улуус дьаһалтатын сүрүн үлэһиттэрэ эттилэр.

Аллыҥа нэһилиэгэр Сунтаар улууһун баһылыгын имиджевай уонна социальнай политикаҕа солбуйааччы Гаврил Еремеев Сунтаар улууһугар ааспыт сылга туох үлэ барбытын сырдатта.

Ол кэннэ Аллыҥа нэһилиэгин олохтоохторо быһаартарыхтарын баҕарар, мунаахсыйар боппуруостарын кэпсээтилэр. Ол курдук, Аллыҥаҕа үлэлии кэлэр исписэлиистэр олорор дьиэлэрэ баар буолара буоллар кэлэр үлэлиир исписэлиистэр элбиэ этилэр дииллэр.  Оскуолаҕа мастарыскыай дьиэтин тутарга финансирование көрүллүө дуо диэн ыйыттылар.  Аллыҥа нэһилиэгэр биэлсэр суоҕа мунньахха эмиэ этилиннэ. Маҕаһыын нэһилиэккэ наадатын  таарыйдылар, уот мөлтөҕүн туһунан эттилэр.

Бу икки нэһилиэк олохтоохторо улуус дьаһалтата ыытар үлэтин биһирииллэрин биллэрдилэр, инникитин да маннык таһаарыылаахтык үлэлииллэригэр, тыа нэһилиэктэрин олохтоохторун кыһалҕаларын чугастык ылынан, туоратарга бары күүстэрин, билиилэрин ууран үлэлииллэригэр баҕардылар.

Дмитрий ЫМЫЧАНОВ

Читайте дальше