Саалаах киһи барыта булчут буолбатах

Биһиэхэ, сахаларга, Байанай ыйынан аатырар сэтинньи ыйбыт дьэ бүттэ.

Быйылгы сэтинньи ыйбыт күнэ-дьыла  олус уратылаах буолла. Өр хаара суох туран баран, 2-3 хонукка субуруччу өлгөмнүк хаардаан нуорматын ситиһиннэрбитэ. Уһун кэмҥэ олус сылаас күннэр турбуттара, өссө быыһыгар самыырдаан  да ылбыта. Онтон олус сылааска үөрэтэлээн баран, эмискэ 40-ча кыраадыстаах тымныы түһэн соһуталаан сырытта.

Айылҕа бу дьикти көстүүтүгэр биһиги, аныгы дьон, соччо аахайбаппыт баар суол. Бу барыта сүөһүгэ-аска, ордук сылгыга туох-ханнык дьайыылаах буолуой? Били, Михаил Иннокентьевич Коколов эҥин курдук уопсай дьыала туһугар сүрэхтиин-быардыын ыалдьар аарыма кырдьаҕастарбыт барахсаттар аны суохтар. Дьэ, этэн-тыынан, туруорсан көрөөхтүөхтэрэ эбитэ буолуо…

Бээ, тиэмэбиттэн туораары гынным дуу. Онон быйыл кыһыҥҥы сонор суола олус уустуктардаах буолбута чуолкай.

Тыаһыттартан күһүҥҥү туйахтаах кыыл булдун туһунан ыйыталастахха, бэйэлэрин миэркэлэринэн «орто» дииллэр. Ол аата — үчүгэй.

Оттон хойукка диэри ичигэс, ардахтаах-саппарахтаах күһүн турдар да, күндү түүлээх өҥө-дьүһүнэ айылҕатын ыйааҕынан да син-биир кэмигэр ситэрэ биллэр.

Биһиги улууспут сиригэр-уотугар баай хара тыа саамай маанылааҕа киис  быйыл да добуочча баар дииллэр. Ол оннугар тииҥ, куобах эрэйдээх, мас көтөрө эстээхтээбиттэр кэриэтэ. Быйыл түүлээх сыаната добуочча үрдээбитин туһунан кэпсииллэр. Саарба саамай бастыҥа харата, кырымахтааҕа 15 тыһыынчаҕа тиийиэн сөп буолбут. Ол эрээри, саарба оннук күндү көрүҥэ биһиги диэки үөскээбэтэ биллэр. Ыалдьыппыт «американец» андаатар да добуочча сыаналанар буолбут.

Биир сонун көстүүнэн улууспут сиригэр-уотугар туртас элбээбит дииллэр. Булчуттар ыттара быйылгы курдук муус чигди кытаанах хаарга олору сырсан тыстарын ньылбы ыытан моһуогурбуттар аҕай. Туртас тоҕо оннук элбээтэ диэн дьиктиргээһин буолуон сөп. Биир бэркэ билэр, хаһан да сымыйалаан «бытыгын хамсаппат»  киһим өрдөөҕүтэ биир саас «алҕаска» туртаһы ытан кэбиспит Онто тыһы буолан биэрбит, арай сүлбүтэ доҕоор!.. Иһигэр түөрт (4) оҕолоох эбит! Биһиги үксүгэр туртаһы биир, дэҥҥэ икки оҕолооҕунан суоттуубут дии. Онтубут дьэ ити баар…

Эрэйдээҕиҥ ол да иһин элбиир буолуон сөп эбит. Биһиги диэки билиҥҥитэ кинини анаан-минээн бултаһар да суох.

Суруйуум түмүгэр Үлэ сылынан, Байанай да ыйынан удьуор, туруу үлэһит, дьэ чахчы байанайдаах булчут биир дойдулаахтарбын бэрт кылгастык ахтан-санаан ылыым.

Бу инньэ үйэ аҥарыттан ордук кэминээҕи хаартысканы улуус бибилэтиэкэтин кыргыттара барахсаттар була охсон биэрбиттэригэр махталбын этэбин.

Дьэ, бу үс бииргэ төрөөбүт аарыма булчуттартан аҕа саастаахтара Никифор (хаҥас),  Григорий (ортоку), Иван  Яковлевич Ивановтар ааспыт үйэ 60-80 сылларыгар Ленин уордьаннаах «Элгээйи» сопхуос Кутанатааҕы отделениетын аатырбыт булчуттара этилэр. Оо, дьэ кинилэр судаарыстыбаҕа төһөлөөх эрэ «сымнаҕас көмүһү» бултаан туттардылар буолла…

Бырааттыылар үһүөн өрөспүүбүлүкэ чулуу булчутун аатын сүгэ сылдьыбыттара, үһүөн араас кэмнэргэ Москубаҕа НХСБ (норуот хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин быыстапката) кыттыбыттара уонна быыстапка мэтээллэринэн наҕараадаламмыттара.

Дьэ, кинилэр көлүөнэлэрин иннинээҕи булчут өбүгэлэрбитин биир дойдулаахпыт, норуот суруйааччыта Леонид Попов:

«… эһиги этэ дуо, хара тыа адьырҕатын арҕаһыгар мас үрдүттэн батыйанан батары түһэр?!

Ким этэй, сур бөрө айаҕар илиитин батары биэрээт, тылын төрдүттэн ылан өрө көтөҕөн таһааран тууйан өлөрөр?! Ким этэй, кыыл табаны туут хайыһарынан эккирэтэ сылдьан кэйгэллээн кэбиһэр?! Диэн хорсун тыллардаах суруйуутун оҕо сылдьан ааҕан баран,  аатырбыт булчут биир дойдулаахтарбын санаан ыларым…

Кырдьык, урукку уонна билиҥҥи булчуттар сирдээх халлаан курдук уратылаахтара биллэр буоллаҕа. Ол биллэн турар, олох уларыйыытын, сайдыытын көстүүтэ, ирдэбилэ да буоллаҕа. Ол эрээри, мин эмиэ «Сахабулт» Сунтаардааҕы салаатын салайааччыта Максим Афанасьев: «Саха омугар булт диэн былыргыттан сүрүн тыын дьарык буолар. Өбүгэлэрбит аҥардас сылгы-сүөһү иитиитинэн муҥурдаммакка баай хара тыабыт булдун бултаан аһаан-таҥнан олорбуттара. Инньэ гынан былыр саха эр киһитэ үксэ кэриэтэ булчут этэ.  Дьыл-кэм ааһан, олох сайдан, саалаах-саадахтаах, эҥин араас тимир көлөлөөх киһи үксээн аар тайҕа кыыла, көтөр кынаттааҕа биллэ-көстө аҕыйаата. Саалаах киһи барыта булчут аатырда. Ол эрэн дьиҥнээх, айылҕаттан бэрдэриилээх байанайдаах булчуттар биһиги улууспутугар тарбахха баттанар киһи баар».

Кырдьык оннук.

 

Борис НИКОЛАЕВ