Бүгүн, балаҕан ыйын 15 күнүгэр Кутанаҕа поэт Альберт Бүлүүйүскэй 80 сааһыгар аналлаах «Сунтаар миигин ыҥырар-2023» VII ырыа-хоһоон түһүлгэтэ тэриллэринэн сибээстээн, быйыл кулун тутар 18 күнүгэр Дьокуускай куоракка буолан ааспыт тэрээһинтэн дьон-сэргэ тылын-өһүн быһа тардан тириэрдэр тоҕоостоох курдук.
Кутана модельнай бибилэтиэкэтин сүрүн үлэһитэ З.Г. Кириллина 544 лиистээх «Уоттаах тыл сүмэтин хаалларан…» дьоһун кинигэ тахсыбытын этэн туран, А. Бүлүүйүскэй аатын тилиннэриигэ элбэх үлэ барбытын санаппыта. Ол курдук СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Т.С. Кириллин өссө 10 сыллааҕыта А. Бүлүүйүскэй аатын Кутана биир уулуссатыгар иҥэртэрбитин, поэт төрөөбүт өтөҕөр мемориальнай дуоска туруортарбытын бэлиэтээбитэ.
«Күрүлгэн» сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ, суруйааччы А. Гуринов – Арчылан А. Бүлүүйүскэй аата ааттанарыгар сөп түбэһиннэрэн, казах поэта Олжас Сулейменов: «Өскө мин омугум, норуотум бэйэҕит поэккыт аатын-суолун харыстаатаххытына, өрө туттаххытына, мин бар дьонум улуугут», — диэн эппитин санаппыта.
Саха биллэр мелодиһа Дмитрий Михайлов кэргэнэ В.П. Михайлова ааспыт үйэ 60-с сылларыттан Альберт Бүлүүйүскэйи билэрин эппитэ. Кэргэнэ Д. Михайлов оччолорго ордук А. Бүлүүйүскэйдиин, В. Дедюкинныын доҕордоспут эбит. Кини 1964 с. А. Бүлүүйүскэй тылларыгар «Уоттаах түүҥҥү Дьокуускай» ырыа мелодиятын Д. Михайлов биир күнүнэн айан кэбиспитин кэпсээбитэ. Валентина Павловна «бу ырыа Дьокуускай куорат музыкальнай эмблемата буолар дии саныыбын» диэбитэ.
Поэтесса Саргылана Спиридонова 8-с кылааска үөрэнэ сылдьан А. Бүлүүйүскэй «Уоттаах түннүк» кинигэтин сыттыгын анныгар укта сылдьан таттаран аахпытын кэпсээбитэ. 9-с кылаастан ыла аны кинини «Ньургуһун» түмсүүгэ, онтон Дьокуускайга «Эдэр коммунист» хаһыат эрэдээксийэтигэр киэн тутта, дьулайа көрөрүн ахтан-санаан ылбыта.
Тэрээһиҥҥэ Альберт Бүлүүйүскэй Кутанаҕа бииргэ үөрэммит оҕолоро, билигин быраастар Л.Ф. Прокопьев, А.К. Харитонов уонна София Игнатьева үөлээннээхтэрин иһирэх тылынан ахтыбыттара.
2013, 2017 сылларга нэһилиэк бастыҥ баһылыгын аатын сүкпүт Кутана муниципальнай тэриллиитин баһылыга Н.В. Давыдов үөрүүлээх быһыыга-майгыга бу бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ кыттыгастаах дьоҥҥо араас таһымнаах наҕараадалары туттарбыта.
ХИФУ «Сэргэлээх уоттара» култуура киинин фойетыгар баай матырыйааллаах быыстапка дьон-сэргэ болҕомтотун тарпыта.
Валериан НИКОЛАЕВ.
РФ Суруналыыстарын, СӨ Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ.
Поделиться: