Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев түргэнник ситэр салааны сайыннарыахха диэн сорук туруорбута. Түргэнник ситэр салаа- көтөрү иитии буолар.
Билигин дьон сайыҥҥы өттүгэр кууруссаны, араас көтөрү иитэн, бэйэ аһатан-иитэн таһаарар кууруссаларыттан сибиэһэй сымыыты күннээҕи аһыыр рационнарыгар киллэрэр буолбуттара хайҕаллаах. Аны бу кыылларын күһүн хойукка диэри иитэн баран, сорохтор идэһэ гынан, атын сиртэн хайдах аһааан, харайыллан турбута биллибэт куурусса этинээҕэр быдан ордугун билэр.
Биһиги улууспутугар сылын аайы тыа хаһаайыстыбатынан элбэх куурусса аҕалыллан, удамыр сыанаҕа наадыйааччыларга атыыланар. Быйыл эмиэ оннук дьаһанан, күн бэҕэһээ «Новай» сопхуостан 400 куурусса аҕалан атыылаатылар. Сыаната да чэпчэки дииллэр – биир куурусса сыаната 300 солкуобай. Дьиҥэр 600 солкуобай диэн сыана быһыллыбыт эбит. Ону тыа хаһаайыстыбатын управлениета дойдубутугар, өрөспүүбүлүкэбитигэр, улууспутугар социальнай суолталаах сыллар биллэриллибиттэринэн, сыанатын чэпчэтэн атыылаатылар. Кууруссаҕа сайаапка хомуйабыт диэн биллэрии тахсаатын 500-чэ сайаапка киирбит. Бу сайаапкалаах ыалтан бэҕэһээ 50-тан тахса ыал кууруссаларын ыллылар.
Чэпчэки сыанаҕа куурусса өссө да кэлиэҕэ. Ону сэргэ бу көтөр сиир уотурбатын эмиэ чэпчэтиилээх сыанаҕа атыылыырга тыа хаһаайыстыбатын управлениета тустаах тэрилтэни — Тойбохойдооҕу уотурба оҥорор собуотун кытары кэпсэтии ыытан олорор.
Яина ВЛАСЬЕВА