Сунтаарга «Якутлесресурс» тэрилтэ үлэһиттэрэ баһаарга эмсэҕэлээбит сири чөлүгэр түһэрэр сыаллаах 30 тыһыынча бэс маһы олортулар.
Бу күһүн ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ Сунтаартан Күндэйэлиир федеральнай суолга 12 км сиргэ улахан баһаар буолбут сирин чөлүгэр түһэрэн мас олортулар. Бэс үнүгэстэрэ Красноярскайтан «Горнайдааҕы автодор» акционернай хампаанньа сакааһынан атыылаһыллыбыттара.
Аны түөрт игин сылынан уот сиэбит сиригэр бу олордуллубут бэрдьигэстэр үүнэн тахсыахтара турдаҕа.
Бу маннык кэрэхсэбиллээх, күргүөмнээх хамсааһын Сунтаарга 60-с-70-с сылларга эрэ буолбута диэн инженер идэлээх Виктор Гуляев санаатын үллэстэр. Соторутааҕыта кини «Гражданскай килбиэн» үрдүк аатын ылбыта. Онтон тэрилтэ салайааччыта Василий Яковлевка “СӨ ойуур хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ” бочуоттаах ааты иҥэрбиттэрэ. Түгэнинэн туһанан истиҥ эҕэрдэ!
Санатан этэр буоллахха, федеральнай суол ыккатыгар киэҥ иэннээх сиргэ 2020 сылга улахан баһаар туран улаханнык ыксаталыы сылдьыбыта. Онно ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ сүөм түһэн үлэлээбит буоллахтарына, билигин үөрэ-көтө айгыраабыт ойууру тилиннэрэргэ үлэлээтилэр.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА